Размер шрифта
-
+

Иччи. Сибиэн. Абааһы - стр. 12

Оскуолаҕа оонньуу оччолорго олус уһаабат этэ. Тимофейдаах Миитэрэй оонньуу бүтээтин кытта дьиэлэригэр кэлбиттэр, уот умаппыттар, оонньуу туһунан кэпсэтэ-кэпсэтэ, саахыматтаабыттар (бэйэбит быһаҕынан кыһан оҥорбут хаалаах саахыматтаах этибит). Оонньуу олорон балыйсан барбыттар. «Мэкчиргэ төбөтүн курдук уларыта сылдьыма», – диэн Миитэрэй Тимофейы ыыстаабыт. Тимофей Мэкчиргэлэр аҕа уустарын сыдьаана буоларын киһи барыта билэр, онон кыыһырыа дии санаабатах буолуохтаах диэн эппит Миитэрэй. Анарааҥҥыта «бандьыыт курдук балыйа олорума» диэн кэбиспит. Миитэрэй бу дойду биллэр бандьыытын төрөппүт уола буоларын бары билэрбит уонна онон сирэй-харах аспат буоларбыт. Уолаттар этиспиттэр, кыыһырсыбыттар. Саахыматтарын остуол үрдүгэр тоҕо садьыйан кэбиһээт, орон оҥостон утуйаары сыппыттар. Саҥа суох. Ол сыттахтарына, саахыматтара тыаһыыр, дуоска үрдүгэр сыҕарыйардыы чиҥ-чиҥник охсуоланар. «Ол-бу буола сытыма, тоҕо тыаһатаҕын?» – диэн Тимофей дьаҕырыйбыт. «Кээс, доҕор, бэйэҥ тыаһата-тыаһата, балыйа сытыма», – диэн хардарбыт биирдэрэ. Иккиэн бэйэ-бэйэлэрин балыйсан, буойсан баран син тохтообуттар. Тыастара эр ылбыттыы өссө улаханнык таһыгыраабыт. Туран саахыматтарын фигуратын, биирин да хаалларбакка, хаатыгар уган, олуйан кэбиспиттэр. Салгыы утуйан эрдэхтэринэ, саахымат фигурата остуол устун лаһырҕатан кэлбит-барбыт. Уолаттар куттанан илиилэриттэн тутуһан сыппыттар. Тыас уурайбатах, эбии сэтэрээбит. Дьиэлээх эмээхсин кыыһынаан уонна Ксениялыын хаҥас быыс кэннигэр утуйа сыппыттар. Кинилэртэн атын киһи суох, аан хатыылаах. Уолаттар ыксаабыттар. «Абааһы тыаһыыр» диэн итэҕэйэн туран ыһыырынньык уматан, таһырдьа тахса сылдьыбыттар, уоту умаппытынан утуйан хаалбыттар.

Сарсыарда турбуттара – биир айдаан. Уһун ньолбоҕор сирэйдээх, силии курдук көнө муруннаах, үөс курдугунан өһөччү көрбүт кыараҕас харахтаах, төбөтүн тартара сылдьар, уһун тарбахтарын соло буоллар эрэ таймаҥалатан хамсатар, дьахтар курдук уһун өрүнүллэр баттаҕа суох буолан, куруук бэргэһэлээх сылдьар уһун быакагар эмээхсин туран уолаттары саҥартаан барбыт:

– Түүнү быһа мэниктии-мэниктии, сүгүн утуйбакка тилигирэһэҕит, кыраһыыны умаппыккыт, – диэн иэдэппит. Уолаттар быһаара сатаабыттарын истибэт, өйдөөбөт үһү. Быйыл хомсомуолга киирбит, биһигиттэн биир кылаас үөһэ үөрэнэр Нааста Дүлээйэбэ тугу да саҥарбатах. Уһун синньигэс, төҥкөччү тутта сылдьар, уһун хара суһуохтаах, киэҥ тиэрбэс курдук харахтаах, үөһээ уонна аллараа уостара сортойо сылдьарыттан кыбыстан, саҥардаҕына үгүстүк уоһун илиитинэн саба туттар идэлээх кыыс уолаттары көмүскэспэккэ, ууну омурдубут курдук олорбут. Ити туһунан истээт, Сергей биһикки олус куттанныбыт да, сэргээтибит да диэххэ сөп этэ. Акаары санаабытыгар дьиэбитигэр баран хаалан, хаарыантан маппыт курдук сананныбыт.

Страница 12