Размер шрифта
-
+

Иччи. Сибиэн. Абааһы - стр. 11

Кумааҕы уурар долбуур оҥосторго хаптаһын наада буолбута. Иккиэ буолан тутулла турар этээстээх оскуола аттыттан лоһуруой хаптаһын сыыһын аҕала барбыппыт. Бу киэһэ хараҥа буолуон аҕай иннинэ этэ. Кыбынан кэлэн иһэн аҕыйах мастаах тумулга тохтообуппут. Табаарыһым тохтуу түһээт: «Чэ, барыахха», – диэн тиэтэттэ. Сирэйэ-хараҕа өрө туран хаалбыт. Мин киһим куттаммыт дуу, ыалдьыбыт дуу дии санаатым. Кини хаамыытын нэһиилэ ситэбин. Дьиэбит аттыгар аҕалан ат баайар төрдүгэр уурабыт. Сергей иһиллээтэ: «Ылдьаа, иһит эрэ, тыас баар, ол күөл диэки, харыйаҕа», – диэтэ. Мин иһиллээтим. Кылыр-кылыр гынар кэрэ тыас иһиллэр эбит. Чуорааны быһаҕынан охсорго маарынныыр. Киһи куттанара суох дии санаатым. Уолум чугас кэлэн сибигинэйдэ: «Ойуун кыырар тыаһа». Мин, дьэ, куттанным, куйахам күүрэргэ дылы гынна. Урут ойуун кыырарын көрбөтөх буолан лыҥкынас тыаһы эмиэ да итэҕэйбэтим. Сергей оҕолорго киирэн сибис гынна быһыылаах, бука бары сырсан тахсан иһиттилэр, ойуун таҥаһын тыаһа диэн тойонноотулар. Бу киэһэ тыала суох уу чуумпу этэ. Ити тыас Тойбохой Бэрэтин диэки Таалалаахтыыр суолга үтэн киирбит харыйа ойуур диэки иһиллэрэ. Тыаһыы хаалбыта, истэ сатаан баран киирбиппит. Биһиги оччотооҕу муҥутах өйбүт итиннэ ойуун көмүллэ сыттаҕа диэн санааттан ырааппатаҕа.

Ый курдук симсэн олорон баран, үгүс оҕолор көспүттэрэ. Ыалбытыгар түөрт уол, биир кыыс буолан хаалбыппыт. Оччотооҕу оҕолор сиэрдэринэн аһылыкпытын астанан, бэйэбитин көрүнэн, үөрэнэн, күнү-дьылы бараан испиппит.

Сергей биһикки Тойбохойтон отут килэмиэтир тэйиччи сытар Чуукаар диэн күөл уҥуор-маҥаар өттүгэр олорорбут. Сергей Иванов орто уҥуохтаах хатыҥыр, чинэччи соҕус тутта сылдьар, икки илин үөһээҥҥи тиистэрэ үтэн тахсыбыт, хойуу хаастаах, кылдьыылаах киэҥ харахтаах, улахан эминньэхтээх кулгааҕа туора тахса сылдьан сарайан көстөр, хара хааннаах, алтыска үөрэнэр уол этэ. Кини миигин, ыарыһах киһини, мэлдьи аһына-харайа сылдьар буолара. Күөспүтүн бииргэ өрүнэн, арыт сылаас буоллун диэн хоонньоһон утуйарбыт.

Улуу Өктөөп бырааһынньыгар оччолорго өрөбүл суох этэ. Үс күн өрөбүл түбэспитинэн Сергейдиин дьиэбитигэр барбыппыт. Биһиги суунан-тараанан, тото-хана кэһии сиэн сынньаммыппыт. Күнү көтүппэккэ атынан аҕалан биэрбиттэрэ. Кэлбиппит уолаттар аҕаларын наадалаах туттар сэптэрин алдьаппыт оҕо курдук уку-сакы тутта сылдьар этилэр. Оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ Тимофей, күүстээх, сымса уол Миитэрэй урукку курдук үөрэн-көтөн, оҕолору бэйэлэригэр биллибэт күүһүнэн түмэ тардар көрүҥнэрэ сүппүтүн тута өйдөөбүппүт. Сергейим: «Уолаттарбыт улаханнык иирсибиттэр быһыылаах, туохтан буолуой?» – диэн ыйыталаспыта. Киэһэ утуйуох иннинэ, төрдүөн хаалбыппыт кэннэ, дьэ кэпсээтилэр. «Эһиги суоххутуна дьиктигэ түбэһэн олоробут. Киһи кэпсиэн да санаата буолбат», – диэтэ Миитэрэй. «Дьиэбит абааһыламмыт быһыылаах. Таах сибиэ манна олорон. Атын ыалга көһөргө сананан баран, куортаммын биэрбит буолан көспөтүм», – диэтэ Тимофей. Ыйыталаһан, ыаһахтаһан билбиппит, дьыала маннык эбит.

Страница 11