Размер шрифта
-
+

Иччи. Сибиэн. Абааһы - стр. 14

Дойдубутугар тиийэн, оҕолор быһыыларынан, туох буолбутун кэпсээн күппээрдии буолбута. Сотору сир-дойду туолбута. Дүлээйэптэри дьукаах булбут диэн сурах тарҕаммыта.

Өрөбүл бүтэн барбыта. Биһиги дьоммут ыалбытын уларыппатахтара. Биһиги да уларытыҥ диэбэтэхпит. Кини кэлбэт бириэмэтигэр дьиэбитигэр олус тэһийэр этибит. Сергейдиин тиийэн кэлбиппит, уолаттарбыт суох этилэр. Иккиэйэх буолар кутталламмыппыт, ол баар этэ, ынырык дьыала. Бэйэбит ыал булан кэпсэтэр кыаҕа суох этибит. Сарсыныгар Тимофей тиийэн кэлбитэ. Кини: «Мин ханна да барбаппын, хата, эһиги баар эбиккит», – диэн үөрбүтэ. Соколов балтынаан атын ыалга көспүтэ. Биһиги үс уол, биир эмээхсин, биир кыыс буоламмыт бу киэҥ дьиэҕэ хаалбыппыт. Эмээхсиннээх кыыс хаҥас диэки утуйаллара, онно аһыыллара. Үксүгэр хаҥас диэки сылдьаллара. Дьиэ уҥа өттүн биһиги, уолаттар, үс буолан бас билэрбит. Дьиэбититтэн оҥостон кэлбиппит, испиискэ ылбыппыт, чүмэчи тоһоҕотун хомуйбуппут. Сергейбит уҥа илиитин тойон эрбэҕэр куһаҕан кутургуйа тахсан буорайа сылдьар кэмэ этэ.

Тохсунньуга уочараттаах кэлиитэ саҕаламмыта. Биһиги оннубутун уларытан сыппыппыт. Мин Сергейдиин биллэрик ороҥҥо хоонньоһон, Тимофей уҥа ороҥҥо биһигини кытта бастаһан сыппыта. Ыппыт таһырдьа сылдьан, оскуола диэкиттэн биһиги суолбутун үрэн боройо-боройо, дьиэ ааныгар кэлэн сүппүтэ. Киирэр аан диэкиттэн эмиэ урукку курдук кылыгырыыр тыас үөһээнэн-аллараанан айаннаата. Уратыта диэн тыас муннуктан муннукка сүүрэрэ. Оһох кэннигэр баран тыаһыыра, дьиэ ортотугар кэлэн толугуруура. Били хаһааммыт испиискэбитин Сергей уматаары гыммыта, маҥнайгы сиэрэттэн хаа бүтүннүү умайан барылаабыта. Ол кини илиитэ ыалдьар буолан кыайан саппатаҕыттан тахсыбытын өйдөөбүппүт.

Ити тыаһыы сылдьан аны биһиги ороммутун үөһэ таһааран баран быраҕар идэлэннэ. Уолаттарым: «Төһө үөһэ таһаарар эбит, кэмнээ», – диэтилэр. Мин улаҕа сытар киһи илиибин истиэнэҕэ сыһыары тутан үөһэ тахсыһабын. Кэмнээбитим, биир бэрэбинэттэн ордук үөһэ көтөҕөр эбит. Көтөхтөҕүн аайы уларыйбат. Ити курдук икки киэһэ Сергей биһиккини дүлүҥ аҥаарыттан хайытан оҥоһуллубут ыарахан биллэрик орону кытта көтөҕөлөөбүтэ. Биирдэ-иккитэ Тимофей суорҕанын былдьаһа сылдьыбыта. Тулуйа сатаан баран, Сергей иккис күнүгэр мас хайытар сүгэни оронун анныгар уктубута. Өрө көтөҕөлөөн барбытыгар «Миигин сиэри сирэйдэнниҥ дуо?» дии-дии, хараҥаҕа дьиэ ортотугар ыстанан кэлэн, хаҥас илиитигэр сүгэлээх тэлэкэчийбитэ. Уҥа илиитигэр кутургуйалааҕа, уонна абааһыны хаҥас илии тас өттүнэн охсуллар үһү диэн быраабыланы бары билэрбит. Биһиги туох буолар эбит диэн сыттыбыт. Сергей оронугар кэлэн сытта. Тыас-уус эбии күүһүрдэ. Көтөҕө-көтөҕө быраҕара үксээтэ. Сергей сүгэтин суол ааныгар илдьэн уурда. Үс буолан тутуспутунан таһырдьа тахсан киирэн ыһыырынньыкпытын уматтыбыт. Иккис күнүгэр, эрдэттэн кэлэрин билэр буолан, ыты дьиэҕэ хоннорбуппут, утуйан тахсыбыта. Үлүгэрдээх тыаска уһуктубат, хата, түһээн үрдэҕэ буолан мух-мах саҥарарын абааһы көрөн таһааран кэбиспиппит. Ити бириэмэҕэ кэтээн көрөн быһаарбыппыт: абааһы уоттан куттанар курдук гынар, ыһыырынньыгы уматтахха тыас-уус тохтуур. Уонна абааһы биһиэхэ биэрэр «сеанса» уон икки чаас диэки уурайара. Ол иһин буолуо, сарсыарда уубутун ханан, куттаммыппыт ааһан, үөрэнэ барар буоларбыт. Куһаҕана суох үөрэнэрбит. Сергей биһикки орто этибит, оттон Тимофей Тимофеев оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ, холобурга сылдьар оҕо этэ.

Страница 14