Размер шрифта
-
+

Иччи. Сибиэн. Абааһы - стр. 16

– Абааһы кокуоскаттан куттанар үһү, – диэтэ Сергей. Иһиттибит, сүбэлэстибит. Кими эмит оҕустаҕына, силлээх кокуоската биэриэххэ диэн буолла. Бэлэмнэннибит. Сотору соҕус кими эрэ охсон бах гыннарда да, биһиги үһүөн тэҥҥэ «тьфу, мэ!» диэт, хараҥаҕа атахпыт диэки силлээх кокуосканы сыҕайдыбыт. Тохтоон сыта түстүбүт. Кырдьык да, өс киирбэх, охсоро тохтоото. Оннооҕор тыаһаабат буолла.

– Абааһыны утары «эмп» кыра да эбитин билбэккэ, кыһыны быһа эрэйдэммиппит, – диэтэ Сергей соһуйбуттуу. Оннук эбит диэн бары күлсэн тоҕо бардыбыт. «Аны «эмин» буллубут, туох буолар үһүбүт», – дии-дии, ис-испититтэн иэрийэн күллүбүт. Кырдьык да, итинник ынырык суол тойоно олох боростуой кокуоска буолара киһи күлүөх суола курдук этэ. Хайдах мэлдьи күлэ сытыаҥый, тохтоон утуйан эрдэхпитинэ, охсуолаан барбат дуо! Тохтоло суох барыбытын охсор. Биһиги били кокуоскабытын сыҕай да сыҕай буолабыт. Туһа суох буолла, охсоро эбии сэтэриир. Хайыахпытый, урукку үгэһинэн тутуспутунан туран таһырдьа сылдьан баран биир илии кураанах ыһыырынньыкпытын уматтан утуйдахпыт дии. Ити курдук олунньутааҕы кэлиитигэр икки түүн охсон, кырбаан ааспыта.

Саас күн уһаабыта. Оччотооҕу ыаллар, оҕолор эрдэ сырдыкка утуйар буоларбыт. Биһиги ахсааммытыгар кыра уларыйыы тахсыбыта. Наахараттан Хамыы Көстөкүүнүн уола төрдүс кылааска үөрэнэр туос кэлэҕэй уол кэлбитэ. Аҕата Көстөкүүн оҕонньор уһун, ардьаҕар, ырыган көрүҥнээх, ньолбоҕор сирэйдээх кыһыл оҕонньор үөһээ уоһугар кугас бытыга онно-манна табыгынаан көстөрө. «Соҕотох күҥҥэ көрбүтүм – уолум. Сүүрбэччэ оҕоттон ити кини хаала сылдьар», – диэн эмээхсиҥҥэ кэпсээбитэ. Биһиэхэ туһаайан: «Оҕобун атаҕастаамаҥ», – дии-дии, ыйаастыгас соҕус хараҕынан өһөччү көрөн таһаарбыта. Уол барыта торбуйах таҥастааҕа. Ордук торбуйах ыстааннааҕа биһигини соһуппута. Оччотооҕу оскуола оҕолоро торбуйах ыстааны кэппэт этибит. Оскуола үрдүнэн торбуйах ыстааннаах суос-соҕотох оҕо. Эбиитин туос кэлэҕэй этэ. Оҕолор, кырдьык, киниттэн арахпакка муокастыыллара. Арай саһарчы буспут ыһык лэппиэскэтигэр иҥсэрэр этибит. Уолу кытта түүн, күнүс кэпсэтэн, оонньоһон, аһаҕас эттээҕин туһунан билбиппит.

– Мин торбуйах абааһытын көрөөччүбүн, – диэн бэрт эрэйинэн эппитэ.

– Ол торбуйах абааһыта хайдах буоларый?

– От-тон с-с-сыгынньах оҕо б-б-буоллаҕа дии, – диэн тардыалатара. Биһиги дьиэбитигэр абааһы буулаабытын туһунан билэр, истибит этэ. Биһиги аһаҕас харахтаах киһибитигэр:

– Тиийэн кэллэҕинэ, көрөөр эрэ, хайдах бодолоох кыс устатыгар куттаан олорбут эбитий? – диэтибит.

– Сөп, к-к-көрүллүө.

Биһиги оччоҕолорго кырдьык, итэҕэйбиппит, уолбут көрөн биэрэригэр олуһун эрэммиппит.

Страница 16