Размер шрифта
-
+

Таптыыбын… Шёпот сердца… - стр. 12

Марина соһуччута бэрдиттэн суругу ылан хос хаттаан аахта. Өссө тугу эмэ атыны булуом диэххэ айылаах, сурук кэмбиэрин ылан, ургум-эргим тутан көрдө. Чочумча саҥата суох таалан олордо. Киниттэн ыйытыы көрдөөбөккө, сүтүк үрүччэтэ буолан, хараҕын уута икки иэдэһин устун сүүрбүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Өр сыҥсыйан, уруккуну-хойуккуну эргитэ санаан, санна ыгдаҥныы олордо. Онтон аргыый кэҥээн, түннүгүн сабыытын сэгэтэн, таһырдьаны одууласта. Таһырдьа олус да курус кэм буолбут. Биир кэм тохтоло суох күһүҥҥү уһун ардах ибиирэр.

Ама да дьылҕатын иһин… туох айыытыгар-харатыгар… Барытыгар, арааһа, мин буруйдаахпын уонна Миичик таптала, уруум таптала, аймахтарым алҕастара… Арай кини олоҕун суолугар миигин көрсүбэтэх буоллун… Бука, Миичик атын олоҕу олоруо этэ… Оо, дьылҕа-дьылҕа, олус да тыйыскын…Урукку, ааспыт, аны кэлэн төннүбэт кэми санаан, дьахтар эмиэ уйа-хайа суох, оҕолуу ытаан барда.

* * *

1997 сыл. Сэргэлээх 12-с куорпуһун 416-с хоһун аһаҕас түннүгүн нөҥүө Михаил Семёнов кэрэ кыыс туһунан ырыата иһиллэр. Бу хос үс хаһаайыныттан биирдэстэрэ, иккиc куурус устудьуона Мичил Харахутов, атыннык Миичик, тугу да гынара суоҕуттан уонна эксээмэнэ чугаһаан, наада дии санаан, оронугар сэбиэскэй былаас, автономия Саха сиригэр олохтонуутун туһунан параграбы арыйан, кинигэ аахпыта буола сытта. Ойуунускай, Аммосов, Барахов, Аржаков курдук чулуу дьон мэтириэттэрин сыныйан көрдө. Онтон дьэ, общественнай-политическай олохторун сырдатар сирэйи арыйан, ааҕа сатаата. Ол эрээри кулгааҕар туора санаа киирэ турар. Тугу ааҕарын улаханнык өйдөөбөт. Өйдөппөттөр да диэххэ сөп. Ол төрүөтүнэн хоһугар бииргэ олорор уолаттарын уочараттаах мөккүөрэ буолла. Лаппычах уҥуохтаах, кэтит сарыннаах Коля Никитин хара бараан сирэйин мылата-мылата, түннүгү сэгэтэн, табахтаан бусхатар. Табахтыырын быыһыгар Кэбээйи соботун туһунан күүстээх тылларынан дакаастаан тугу эрэ кэпсээн үллэҥнэтэр. Киниэхэ кыһыллыҥы маҥан, уһун синньигэс Амма уола Бүөккэ Ракитин кыттыһар. Кэнникинэн дьоно үлүһүйэн, аны кыыс тиэмэтигэр тиийдилэр. Коля саамай кырасыабай кыргыттар Өлүөхүмэҕэ, оттон Бүөккэ Аммаҕа бааллар диэн буолла. Миичик кинигэ ааҕарын тохтоторго күһэлиннэ.

– Эһиги бүтэҕит дуу, суох дуу? Ааҕан да диэн, барыта эһиги айдааҥҥыт. Дьаабы дьоҥҥут дии, дьэ. Ханна баҕарар кэрэ кыыс элбэх. Баҕа баҕатын, чоху чохутун син биир хайгыыр.

– Эс, даа, оттон Өлүөхүмэҕэ бааһынай кыыс син биир элбэх. Сымыйанан мөккүспэтин. Амма «бааһынайдарын» да билиллэр. 205-с хос кыргыттара диэ, хата, хап-хара барабыай курдук «бааһынайдары» этэр, – Коля кыайбыт киһилии туттан, табахтаан бүтэн, орон үөһээҥҥи дьаарыһыгар ытынна.

Страница 12