Размер шрифта
-
+

Таптыыбын… Шёпот сердца… - стр. 11

– Көр, Дьулус, бу ийэбит Кэтириис, оттон бу балтыҥ Вера, саамай атаахпыт диэн буолар. Билсиҥ, – диэтэ. Дьахталлар, ытаhа түһээт, куустуhа түстүлэр.

– Оо, бу да дьон, ардах суоҕар ардаҕы аҕалан! – дии-дии биир-биир харахтарын уутун сотон, Бүөтүр иккиэннэрин сыллаан-уураан, дьиэлэригэр киирдилэр.

Били утуйа сытар диэбит эбэлэрэ, хата, кириэhилэҕэ бу чөмчөйөн олорор:

– Хайа, түүнү быhа сырсыакалаhаҥҥыт турбутунан уол оҕолоннугут дуу? – диэн күллэртээтэ.

– Аҕыйах ыйынан баҕар үһүстэниэхпит даҕаны, – диэн саайда ийэлэрэ.

– Кырдьык даҕаны? – Бүөтүр кэлэн Кэтирииґин кууhан, сымнаҕас иэдэһиттэн сыллаан ылла.

– Бэрт дии бэлэм ньээҥкэ баар, – Дьулус аны кыттыста.

– Үчүгэйэ бэрт дии, мин эрэ ньээҥкэлээбэппин, бары уочараттыахпыт буо, – Вера бэрээдэги олохтоото.

– Тыый, бу дьон биир түүн иhигэр хас уолланаары гынныгыт? Утуйуҥ! Киhини утутуҥ! – эбэлэрэ, сыттыгын кыбынан, хоhугар дьөгдьөрүйдэ.

– Дьулуска бүгүн бакаа мансаардаҕа оронно оҥоруохха, сарсын быыс быhан, туспа хос оҥоруохпут, – Кэтириис быhаарда.

– Мансаардаҕа кумаар сүгүннүө суоҕа. Убайдаммыт үөрүүбэр бэйэм ороммун туран биэрэрим дуу, биир эрэ күҥҥэ. Эбээ, бүгүн миигин дьукаах киллэр эрэ-э! – Вера атаахтаабыт куолаhа эбэтигэр тиийдэ.

– Сыччыый, киир-киир, бииргэ утуйбатах да ыраатта, хобугунаhа түhүөхпүт.

– Сэкириэттэhэ диэ, – Вера, малын-салын хомунан, эбэтин хоhугар дьылыс гынна.

– Чэ, чыычаах, эн да сылайдаҕыҥ буолуо, киирэн утуй, – диэн Кэтириистээх аны Дьулус миэстэтин буллардылар уонна иккиэн, саҥардыы көрсүбүт дьон курдук, ыгыта куустуhан, уохтаахтык уураhан ыллылар уонна бэйэ-бэйэлэригэр истиҥник мичээрдэспитинэн хосторун аанын саптан, иһирдьэ дьылыс гынан хааллылар.

Наталия Рязанская-Сыккыс (II миэстэ)

Уруум таптала

Бүгүн Марина Руслановна сурук тутта. Дьүөгэтэ Аанчык суруйбут. Төһө да аныгы үйэҕэ сибээс араас көрүҥэ элбэх буоллар, былыргылыы, бэйэлэрэ этэллэринэн, «сэбиэскэйдии» илиинэн суруйсалларын сүрдээҕин сөбүлүүллэр. Оччотугар, тылынан арыт кыайан тиэрдиллибэт, дууһа кылын таарыйар бүччүм санаалара сурук буукубалара буолан, оҕуруо курдук тиһиллэн, сүрэххэ чугастык тиийэллэр, илии сылааһынан илгийэн ордук истиҥ курдуктар. Аанчык бу сырыыга сүрүннээн үлэтин, оҕолорун, кэргэнэ Коля сүрэҕинэн ыарытыйар буолбутун туһунан иҥэн-тоҥон суруйбут. Арай сурук биир быстах, бүтэһик кэрчигэ бу аҕамсыйа барбыт дьахтар кутун-сүрүн аймаата, уйан дууһатын уйгуурта.

«…Маришка, бырастыы гын. Ол эрээри суруйбатахха кэлин хомойо, хоргута сылдьыаҥ. Чэ, быһатын, Миичикпит өлбүт. Куһаҕаннык, бэйэтигэр тиийинэн. Бииргэ үлэлиир дьахтарым үнүр кэпсээбитэ. Хаайыыттан тахсан баран, киһитийбэтэх, түптээн үлэлээбэтэх, олоҕун оҥостумматах, быһыыта, арыгыһыт буолбут да курдук. Уопсайынан, табыллыбатах. Эн наһаа айманыма, бэйэҕин буруйданыма. Итиннэ барытыгар аймахтара буруйдаахтар. Бэйэҥ билэҕин барытын. Эбэтэр, чэ, дьылҕата оннук буолаахтаатаҕа дуу…»

Страница 11