Таптыыбын… Шёпот сердца… - стр. 13
– Эс, уопсайынан диэн этэбин ээ мин. Ити 205-с хос кыргыттара быраабылаттан туораабыт дьон буоллахтара. Аммаҕа бааһынай кыыс син биир элбэх. Дойдум дьонун эйигиннээҕэр мин ордук билэр инибин. Нууччалар биһиэхэ 17-с үйэттэн олохсуйан, оҕо-уруу төрөтөн олороллор. Киһи барыта ону билэр. Арай эн, инникитин историк ааттаах, билбэккин. Сааппаккын даҕаны. Сайдыыҥ, билииҥ таһыма намыһаҕа итинтэн да көстөр. Уһун муннуҥ эрэ аннын көрө сырыттаҕыҥ.
Коля иннин биэрэр санаата суох:
– Өлүөхүмэҕэ аан бастаан нууччалар кэлбиттэрэ, ону баара.
– Эс, Аммаҕа. Өлүөхүмэҕэ арыый хойут ини…
Миичик соччо солуута суох мөккүөртэн салҕан барда. Уолаттара мөккүстэллэр эрэ хайалара да, кимиэхэ да иннин биэрбэттэрин бэркэ диэн билэр. Ол иһин тыҥааһыннаах боппуруос дириҥии илигинэ тохтоторго сананна.
– Даа, табаарыстар (тоҕо эрэ уолаттарыгар тугу эмэ ордук тоһоҕолоон этээри гыннаҕына бу курдук ыҥырар), мөккүһэн бүттүбүт. Билигин иккиэн түннүк диэки чугаһаатыбыт эрэ. Биһиги түннүкпүт аннынан хас күн аайы сүүһүнэн кыыс ааһар. Оннук?
– Буоллун даҕаны… – уолаттар туох эрэ көрүдьүөс буолаары гыммытын сэрэйэн, сирэйдэрэ-харахтара туран, дьээбэлээхтик мүчүҥнэстилэр.
– Таак, – Миичик боччумурбута сүрдээх. – Билигин түннүкпүтүн күүскэ нэлэччи арыйабыт. Бары аллара диэки одуулаһабыт. Сөп. Салгыы ааһар кыргыттарбытын болҕойон көрөбүт. Болҕойон эрэ буолуо дуо, сыныйан. Булчут курдук. Өскөтүн үһүөн атын-атын кыргыттары кырасаабысса диэтэхпитинэ табыллыбат… Чэ, быһатын эттэххэ, бары биир эрэ кэрэчээнэни талыахтаахпыт уонна кини хайа улуустан сылдьарын ыйыталаһыахпыт. Тиэмэ итинэн сабыллар. Өйдөөтүгүт?
– Оттон арай нуучча кыыһа буоллун? – Коля оронуттан түһэн иһэн кэтэҕин тарбанар.
– Оо, акаары, саха кырасаабыссатын быһаарабыт ээ. Хайдах өйдөөбөт дууһаҕыный? – Бүөккэ кыйаханар.
Уолаттар үһүөн, кырдык-хордьук улахан суолталаах боппуруоһу быһаарар курдук сананан, түннүккэ ыкса чугаһаан, ааһар дьону болҕомтолоохтук одууластылар.
Бу курдук күйгүөрэ олорон, уолаттар дьэ кэмниэ кэнэҕэс икки кыыс ааһан иһэрин көрдүлэр. Кыргыттар саҥата суох тоҥолохторуттан ылсан баран, тугу эрэ сэлэһэ-сэлэһэ күлсэр саҥалара иһиллэр.
– Кыргыттаар, сэбэрэҕитин бу диэки хайыһыннарыҥ эрэ. Манна биир олус суолталаах улуу мөккүөр-боппуруос быһаарылла турар.
Кыргыттар үөһээҥҥи түннүктэн кинилэргэ туһаайыллыбыт ыйытык бэриллибитигэр соһуйан ходьох гына түстүлэр. Кырата, модороон соҕус ласпайбыт быһыылааҕа, сирэйин мылатан түннүк үөһэтин одууласта.
– Ээ, пахай. Эн биһиги проблемабытын кыайан быһаарбат эбиккин. Бырастыы гын. Ыл, ити бодоруунньаҕын тоҥсуй эрэ. Аны кини көрдүн. Ытырыахпыт суоҕа, – Коля, күлэн мытырыйа-мытырыйа, кыыс аргыһын диэки ыйар.