Размер шрифта
-
+

Таптыыбын… Шёпот сердца… - стр. 14

– Кыһыл сонноох кыыс, биһиги диэки көр эрэ!

Уолаттар үһүөн күлэн, быардарын тарбыыллар. Иккис кыыс кинилэр диэки көрөр да санаата суох. Төбөтүн нарын тарбахтарынан имэринэн ылаат, сирэйин кистии туттан, дьүөгэтин тоҥолоҕуттан өссө ыксары тутуһаат, долгун курдук уста турда.

Миичиккэ, бэйэтэ да билбэтинэн, төбөтүгэр «ити кыыһы ханна эрэ көрбүтүм ээ» диэн санаа охсуллан ааста.

– Бүттэхпит дии, улахамсык дуу, үөдэн дуу, – Коля сонньуйбут куолаһынан уолаттарын диэки көрөр.

– Санаарҕаама, Коля, кыыс оҕо кыыкынайдааҕар элбэх, хата, табахтыахха, – Бүөккэ табаҕын үрдүгэр түһэр.

Миичик кыргыттары сайыспыттыы батыһыннара көрөн хаалла. Онтон табах сытын ылан, уолаттарын диэки эргиллэн:

– Дьаабы да дьоҥҥут. Табах буортутун миигиннээҕэр ордук билэҕит да, син биир табахтыыгыт…

– Миичик, бүт эрэ, эмиэ үөрэтэн эрэҕин дуо? Эн курдук биһиги спортсмен буолбатахпыт уонна …

Уолаттар үһүөн ах бардылар. Миичик санаатыгар олох тэтимэ эмискэ тохтуурга дылы гынна. Остуоруйа кэрэчээнэтэ, олоҥхобут куота диэн, арааһа, бу иһэр буоллаҕа. Кини хаһан да маннык кэрэ кыыһы бу Орто дойдуга төрөөн баран, көрө илик эбит. Кыыс киһи соһуйуох, ып-ыраас, муус маҥан ньуурдаах сирэйдээх, ыйаастыгас соҕус эрээри саһархайдыҥы харахтаах, уулаах дьэдьэн уостаах, уһун синньигэс курбуу быһыылаах.

– Эс, маннык кэрэ кыргыттар бу сиргэ төрүүллэр эбит дуу? Дьэ, мөккүөр быһаарыллар буолла, – Коля сибигинэйэ былаастаан саҥа аллайбытыттан бары «өйдөнөн» кэллилэр.

Эмискэ алларанан иһээччилэр уолаттар саҥаларыттан биитэр бэйэлэрэ тугу эрэ кэпсэтэ иһэллэриттэн эбитэ дуу, күлэн саһыгырастылар. Сааскы сылаас күн уота кинилэр оҕолуу ыраас сирэйдэрин, хаһан да сүтүө суох айылаах көмүс солотуунан дуйдаабыттыы, сандаарыччы сырдаппыта көрүөххэ ордук кэрэ этэ. Икки кыыс сэрэнэ былаастаан, тоҕо эрэ тохтоон үөһээҥҥи түннүк диэри хантайа одууластылар.

– Ээй, үс саарбах соҕус дьон түннүккэ мылаҥныы олорор эбит дуу, үөдэн, сэрэниҥ эрэ, халтархай буолуо, сууллан хаалаайаххытый? Аны искитин хайа түһүөххүт, сэрэниҥ! – кыра кыыс күлэ-күлэ хорсуннук чобуорхайар.

– Ок, кыргыттаар, биһиэхэ көстө сатыыгыт дуу, тугуй? Тоҕо төннөн иһэҕит, биһиги түннүкпүт анныгар туоххутун умуннугут? – Бүөккэ хаһыытыы былаастаан ыйыталаһааччы буолла.

– Кинигэлэрбитин төнүннэрээри УЛК бибилэтиэкэтигэр баран испиппит да, хатанан хаалбыт, эһиэхэ эрэ наадыйбаппыт. Хата эһиги туоххутун сүтэрэн олороҕут? – кыра кыыстара хап-сабар кинилэртэн хардары ыйыталаһар.

– Эн наһаа дакылааттаама эрэ, билбэт уолаттаргар. Бүт, кэпсэтимэ-хайаама, хааман ис, хас саҥарбыт киһи аайы эппиэттээн иһимэ, – уһун кыыһа дьүөгэтин сөбүлээбэтэхтии холус соҕустук тардыалаһар.

Страница 14