Размер шрифта
-
+

Таптыыбын… Шёпот сердца… - стр. 16

Кырдьык, ханна эмэ кыргыттардыын түбэһэ билистэхтэринэ, кинилэр харахтарын бастаан Миичиккэ хатыыллар. Онон Бүөккэлээх Коля «кыыс кулгааҕынан истэн сөбүлүүр дииллэрэ сыыһа» диэн түмүккэ кэлбиттэрэ икки сыл буолан эрэр. Миичик киэҥ, арылхай, уһун кыламаннаах харахтаах, хойуу хаастаах, толору сөллөстүгэс уостаах, кырыылаах уһун муруннаах маҥан уол.

– Ити Чурапчы кыыһын дьиҥнээхтик уонна бүтэһикпин таптаатым.

Уолаттар үһүөн тоҕо эрэ саҥата суох чочумча олордулар. Бүөккэлээх Коля Миичиктэрин кытта үөрэммиттэрин, икки сыл устатыгар бииргэ бодоруспуттарын тухары бу хаһыс да «бүтэһик таптал» буоларын бэркэ диэн билэллэр. Ол да буоллар, хайыахтарай, доҕор туһугар ойдуо да, быстыа да буоллаллар, аны аҕыйах хонугунан атын «бүтэһик таптала» көстүөхтээҕин билэн туран, киһилэригэр көмөлөһөргө быһаарыннылар.

* * *

Маришка бүгүн тоҕо эрэ хаһааҥҥытааҕар да эрдэ уһугунна. Бүгүн баскыһыанньа. Аанчык уһуктар санаата суох быһыылаах, муннун тыаһа муораҕа.

Кыыс ону-маны саныы, эргитэ толкуйдуу сытта. Ийэтэ эрэйдээх эмиэ бэргээбит. Тоҕо киниттэн куруук ыалдьарын кистиирэ эбитэ буолла? Долгуйбатын диэн санааттан эбитэ дуу? Ийэм эрэйдээххэ тугунан эмэ көмөлөспүт киһи… Убайа Павлик бүгүн биллэ сылдьара дуу? Соҕотох инбэлиит ийэҕэ икки устудьуон оҕону иитэр-таҥыннарар уустук буоллаҕа. Саатар, Павликпыт да баар ээ. Куруук кини проблемата. Үнүрүүн эмиэ милииссийэҕэ хонон тахсыбыт этэ. Саатар онтун киэн тутта кэпсэнэрин, эчи, истиэххэ-саныахха куһаҕанын, киһи да кыбыстар. Ити Аанчык убайа Чаҕыл үчүгэй да уол. Эчи, аата да үчүгэйэ бэрт. Итинник убайдаах киһи… Аанчыкка олох майгыннаабат. Бииргэ төрөөбүт дьон диэтэххэ, олох атыттар. Дьүһүнүнэн да, майгытынан да. Чаҕыл үрдүк уҥуохтаах, бөҕө-таҕа көрүҥнээх, хойуу хаастаах, уһун кыламаннаах, сахаҕа киэҥ харахтаах кыаһаан уол. Хайдах эрэ оттомноох, олус ис киирбэх, саҥата-иҥэтэ да онно дьүөрэлии соҕус.

Оттон Аанчык – кыра-хара мэник кыыс. Чаҕыл манна, Дьокуускайга, үөрэнэрэ эбитэ буоллар, баҕар, билсиэ этилэр… Ээ чэ, итиччэ киэҥ сирдэринэн сылдьар, Санкт-Петербурга үөрэнэр уол кини эрэ диэки көрбөт ини. Маришкатааҕар ордук кырасаабыссаны булунан сылдьар уол оҕото буолуо. Чаҕыл үнүрүүн кинини бааргын диэн наадакалаан, болҕойон да көрбөтөҕө. Баҕар… уларыйбытым дуу?

Кыыс эмискэ оронуттан туран кэллэ. Сыгынньах атаҕынан сүүрэ былаастаан тиийэн, кини хоруйугар мэлдьи тута эппиэти биэрэр кыахтаах төгүрүк сиэркилэтигэр көрүннэ. Тоҕо кинини кырасаабысса дииллэрэ эбитэ буолла? Былырыын баччаҕа тоҕо эрэ кэрэ кыыска бэйэтин соччо-бачча холообот этэ ээ. Дэриэбинэтин да уолаттара убайыттан куттанан чугаһаабаттара. Сураҕа, Павлик: «Тэлгэһэ иһинээҕилэр, балтыбар чугаһаамаҥ, киэҥ сиртэн табаарыс уолун бэйэм булуом», – диир эбитэ үһү. Дьэ, ким билэр, көрүллүө. Оннооҕор бу уопсайга дискотека буоллаҕына, убайа хайаан да Маришка аттыттан арахпата.

Страница 16