Размер шрифта
-
+

Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ - стр. 5

Ааннарбын хататалаан, сөрүүн уу иһэн, бэрт кыратык интернеккэ олоро түһэн бараммын, утуйардыы оҥостубутум. Эдьиийим оҕотунуун хайыы үйэ утуйбуттара ырааппыт. Тэлэбиисэр саҥата эрэ барбах иһиллэрэ. Саҥардыы утуйаары, халтаһаларым сабыллан эрдэхтэринэ, арай аан аһыллан, киһи киирэр курдук тыас иһиллибититтэн уум көтөн хаалбыта. Атах тыаһа кырачаан балтым оронун диэки барар курдуга, ыраах сиртэн сүүрэн кэлбиттии, киһи аҕылыыра иһиллэрэ. Мин кутталбыттан түүрүллүөхпүнэн түүрүллэн сыппытым да, балтыбын харыстыыр, көмүскэһэр санаалаах ойон турбутум да, ким да суоҕа. «Ээ, итирик киһи хайдах эрэ гынан дьиэбитигэр киирэн таҕыста быһыылаах», – дии санаабытым. Онтон тэрээсэҕэ тахсыбытым, ыппыт холку бэйэлээхтик утуйан буккуруу сытара, иһийбит чуумпуну аймыах туох да суоҕа. Ньиэрбэбин уоскутаары табахтаабытым, онтон киирэн хос сыппытым. Кутталбыттан кыайан утуйбакка эрэйдэммитим. Харахпын симтэхпинэ, моонньо да, түөһэ да суох кыып-кырдьаҕас оҕонньор төбөтө көстөр этэ. Сарсыарда уһуктан баран, улахан убайбар кэпсээбиппин: «Оо, бу кыыс даҕаны, оһоххун, уоккун аһаппытыҥ дуо, арааһа уотуҥ иччитэ Хатан Тэмиэрийэ быһыылаах, дьүһүнүттэн көрдөххө», – диэбитэ…

Ийэм-аҕам, эбэлээх эһэм бэрт кыра сааспыттан сахалыы сиэргэ ииппиттэрэ, куораттан тахсаат да, алаадьылаан саҥа дьиэм оһоҕун аһаппытым. Хомойуох иһин, эдьиийим, тыа сириттэн тэйбитэ олус ыраатан, өбүгэтин үгэстэрин соччо тутуспат эбит, истэн баран олус куттаммыта уонна аал уотун иччитин алаадьы астаан, дьэ, күндүлээбитэ.


Ийэ сүрэҕэ…

Бу кэпсээн эдьиийим табаарыһа Сандал уол түбэспит быһылаанын туһунан.

Сандал тыа сиригэр төрөөн, улаатан аармыйаҕа сулууспалаан кэлбит ыччат. Кини кэмигэр ханна да үөрэммэтэх, сулууспалаат да, дойдутугар кэлэн, дьонугар күүс-көмө буолан олорбут эбит. Биирдэ аармыйатааҕы доҕорун көрсөөрү, аҕатын эргэ «УАЗ» массыынатын собуоттаан, чугастааҕы бөһүөлэккэ барбыт. Доҕордуулар саллаат олоҕун ахтан-санаан өр олорбуттар, кыратык аһыы утахтан амсайа да түспүттэр. Киэһэ лаппа хараҥарыыта, Сандал дьиэтигэр төннөрдүү сананар, таһырдьа хайыы сахха борук-сорук, саатар самыырдыыр эбит. Саҥардыы айаннаан иһэн, испит арыгыта төбөтүгэр тахсан, хараҕа дьиримнээн ылар. Массыына добуочча дириҥ хаһыллыыга түһэн хаалар. Сүгэтин ылан, массыынаттан тахсан, көлүөһэтин анныгар угаары, мас быһыта сынньа туран өйдөөн көрбүтэ: киһи уҥуоҕун туһаайыыта эбит, өссө хара сарапааннаах дьахтар кини диэки иһэрин көрөн, олус соһуйан, массыынатыгар киирэ охсубут. Эргэ массыына буолан, иһиттэн хатаммат эбит. Дьахтар олус ыксаабыт көрүҥнээх, ааны тоҥсуйа-тоҥсуйа иһирдьэ киирэ сатаабыт. Уол иһиттэҕинэ: «Кыыһым алдьархайга түбэстэ, өлөн эрэр, баһаалыста бөһүөлэккэ илдьэн биэр», – диир эбит. Уол уоскуйан дьахтары киллэрэр, бачча хойут хайдах киһи уҥуоҕун таһынан саллыбакка сылдьарын сөҕөн ыйытар да, дьахтар истэн эрэ кэбиһэр. Уол тахсан мастарын көлүөһэ анныгар угаттаан, күүскэ гаастаан, этэҥҥэ тахсар. Быстыа дуо, дьахтар көрдөһүүтүн быһа гыммакка, бөһүөлэк диэки төттөрү төннөр. Чаас аҥаарын курдугунан утуйа илик ыаллар дьиэлэрин уоттара көстөр. «Бу дьиэҕэ тохтоо», – диэн биир дьиэни ыйан, онно тохтууллар. Дьахтар: «Көмөлөспүччэ көмөлөс, соҕотоҕун кыайбат дьыалам, кыыһым өлөн эрэр, дьиэҕэ киир, мин хайдах эрэ олус сылайдым ээ», – диир. Уол дьиэҕэ киирэн кэлбитэ, бүтүннүү үгээр сыта, оһох сабыылаах турар эбит. Арай көрбүтэ, эдэркээн кыыс сиргэ охтон сытар. Уол элбэҕи толкуйдуу барбакка, кыыһы көтөҕөн таһаарар, массыынаҕа ким да суоҕун дьиктиргиир, итиччэ ыксаан баран, кыыһын быыһаспакка ханна бардаҕай дии саныыр. Балыыһа дьиэни ыйдаран, кыыһы эмчиттэргэ туттарар. Ити түбэлтэ буолбута биир ый ааспытын кэннэ, Сандаллаах бөһүөлэктэригэр били кыыс кэлэн уолга ис сүрэҕиттэн махтанар. «Мин өлө сыспыппын хайдах билбиккиний?» – диэн дьиктиргээн ыйытар. Онуоха уол: «Оттон ийэҥ эппитэ дии, соруһан аҕалтаран баран, отой да сүтэн хаалбыт этэ», – диир. Дьэ, онуоха кыыс хараҕын муҥунан көрөн саҥа аллайа түһэр: «Ийэҥ даа, ама хайдах, үс сыллааҕыта өлбүтэ дии», – диир. Иккиэн сөҕөн-махтайан, мэктиэтигэр тылларыттан маталлар…

Страница 5