Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ - стр. 2
Уолба Ытык Күөлтэн хоту диэки отут үс килэмиэтир тэйиччитэ. Ол саҕана билиҥҥи улахан айан суола суоҕа, бөһүөлэккэ киирэр суол икки алааһы туораан ааһара. Бастакы алаас Өҥөй алааһа диэн. Алааска илин диэки хайысханан киириллэрэ, онтон аллара диэки түһэн, хоту өттүнэн арҕаа тахсан, чөкө соҕус киһи уҥуоҕунан ойуурга киирэн, нөҥүө алааска түһүллэрэ.
Сэрэппиин киэһэлик, күн киирэн эрдэҕинэ, ити алааска тиийэн кэлбит. Киһи уҥуоҕун аттынан айаннаан иһэн көрдөҕүнэ, арай биир дьахтар, киниэхэ көхсүнэн буолан, баттаҕын тараана олорор эбит. Сэрэппиин туох дьиибэ дьахтара куттаммакка, киһи уҥуоҕар кэлэн баттаҕын тараана олордоҕой диэн мөҕүттэ саныыр. Арыый үөһэ тахсан эргиллэн көрбүтэ, бэрт соторутааҕыта куһаҕаннык өлбүт Киристиинэ диэн эдэр дьахтар эбит. Сэрэппиин дьиэтигэр, быһа холоон үс килэмиэтир курдук сири, хайдах тиийбитин да өйдөөбөккө хаалбыт. Олус куттанан, уолуйан сүрэҕэ ыалдьан өлө сыспытын өрүһүйбүттэрэ.
Бу кэнниттэн бокуонньук илэ сылдьан бар дьонун куттаабыта, ол сайын дьон-сэргэ киэһэ таһырдьа тахсалларыттан саллар буолбуттара. Киристиинэ көмүллүбүт сирин туһаайыытынан дьоҕус холорук кэлэн, олорбут дьиэтин хайысхатынан сүтэрэ. Кини дьиэтигэр соҕотох оҕонньор олорбута, ол эрээри бокуонньук түүн ахсын кэлэн дьиэтиттэн холдьохсоруттан, кутталыттан ол дьиэттэн көспүт. Ол сайын мин Уолбаҕа сайылыы сылдьарым, эбэм уулуссаҕа мээнэ оонньото таһаарбата. Киристиинэни ынахтарын хомуйа сылдьар дьүөгэтэ көрсө түспүтүн туһунан кэпсэл баара. Ол кэнниттэн ол дьахтар барахсан уһуннук балыыһаҕа сыппыта.
Өссө дьиктитэ диэн, таһаҕас тиэйэн аҕалбыт нуучча суоппардара дьахтары көрөллөрүн туһунан кэпсииллэрэ. Арай, айаннаан истэхтэринэ, киһи уҥуоҕар эдэр дьахтар баттаҕын тараана олорор үһү. Ону көрөн туох буолбут дьахтарый, куттаммакка киһи уҥуоҕар тахсан баттаҕын тараана олорор диэн сөҕөннөр, олохтоохтортон ыйыталаспыттарын туһунан кэпсииллэрэ.
Ити курдук дьон-сэргэ санаата айманан, олус куттанан олорбуппут. Эбэм олоҕу олорбут, саастаах киһи сиэринэн мөҕүттэрин өйдүүбүн: «Бэйэтин дьаһаммыт киһини дьону кытта биир сиргэ көмпүттэрэ итинник буолла, өссө сулустаан, былаахтаан буолан», – диирэ. Былыр өбүгэ сиэринэн итинник түбэлтэҕэ киһини умса көмөллөрө үһү.
Күн-дьыл баран испитэ, кыһын ааһан, саас буолбута.
Сэрэппиин аҕата Тэрэнтэй диэн кырдьаҕас хомуньуус хорсун санааны ылынан, хас да киилэ тууһу атыылаһан, дьахтар көмүллүбүт буорун үрдүгэр куппут. Туус хаары кытта ууллан буорга иҥиэхтээҕэ…
Дьэ, ол кэнниттэн эрэ кимиэхэ да көстүбэт буолбут.
Илдьэ барыы…
Дэриэбинэҕэ биир кырдьаҕас соҕотох оҕонньор олорбут. Олорор дьиэтэ соҕотох киһиэхэ киэҥ-куоҥ, улахан эбит. Ол да иһин, соҕотоҕун тэһийиминэ да буолуо, биир хоһугар балыыһаҕа быраактыкаҕа кэлбит кыыһы олохтообут. Дьиэтигэр доҕордоммучча, санаата көтөҕүллэн, кэпсэтэр киһилэнэн, оҕонньор сэһэнэ-сэппэнэ үксээбит.