Размер шрифта
-
+

Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ - стр. 4

Ити кэнниттэн, оҕонньор түүйбүтүн курдук, биир нэдиэлэ иһинэн эмискэ сыыстаран, ойоҕостотон орто дойду олоҕуттан үйэ-саас тухары бараахтаабыта. Туох да иҥэ-дьаҥа суох тыа сирин сэмэй, үлэһит киһитэ сирдээҕи олоҕун түмүктээн, быраатын аттыгар хараллыбыта.

Дойду иччитин кэлэтии

Ааспыт сайын доҕорум Сэмэнчик киһи куйахата күүрэр түбэлтэтигэр түбэһэн турардаах. Былырыын атырдьах ыйын биир намыын киэһэтигэр доҕотторун кытта айылҕаҕа тахса сылдьарга санаммыттар. Үгэс курдук, сөтүөлүүр, аһыыр-сиир тэриллэрин, астарын-үөллэрин тиэйэннэр Тулагыттан чугас турар кыракый дэриэбинэ таһыгар баар алааска түһүүлэммиттэр. Онно дьон олорбот быраҕыллыбыт дьиэлэрэ, былыргы үйэтинээҕи хотоннор бааллар эбит. Бу хайдах эрэ, туох эрэ кистэлэҥнээх сир буоларын туһунан олохтоохтор истэригэр урут-уруккуттан кэпсэл баара үһү…

Уолаттар массыыналарын муусукатын муҥ кыраайыгар холбообуттар, ону-маны, буолары-буолбаты кэпсэтэн, күө-дьаа буолан, уот оттон эт үөлбүттэр, өр көрсүспэтэх ахтылҕаннарын дуоһуйа таһаарбыттар.

Түүн үөһүн саҕана ый уотун өлбөөркөй сырдыга киэҥ алаас иэнин барбах сырдатан, хабыс-хараҥа буолбут. Сэмэнчик тура сылдьарга сананан, ойуур саҕатын диэки хаампыт. Ол баран иһэн көрдөҕүнэ, былыргы сэргэ турар эбит. Өйө бааллан дуу, туох имнэнэн дуу, сэргэни хайа сотон бэлиэтиир. Ол кэннэ аар айылҕа иһийбит чуумпутунан дуоһуйан турбахтыы түһэргэ сананар, ол туран ис-иһиттэн туохтан эрэ дьиксинэр, кинини ким эрэ көрөн турарын курдук санаа күлүм гынар. Сонно тута чугас соҕус, бастаан аргыый, онтон улам күүһүрэн дүҥүр тыаһа иһиллэр. Сэмэнчик, төһө да куттана санаатар, билиэх-көрүөх санаата баһыйан, турбут сиригэр туран хаалар. Дүҥүр тыаһа субу адьас аттыгар иһиллибит. Өссө ким эрэ тыынар курдук эбит. Сэмэнчик, дьэ, өйдөнөн, өлөрдүү куттанан, түһүүлэммит сирдэрин диэки муҥ кыраайынан тэбиммит. Доҕотторун уһугуннартаан, одоҥ-додоҥ кэпсээн, суһаллык хомунан куорат диэки көтүппүттэр. Итиэннэ Сэмэнчик туох да бэйэлээххэ ити сир диэки барыам суоҕа, арааһа сэргэҕэ ытыктабыла суох сыһыаммынан дойду иччитин кэлэтэн, улахан сыыһаны оҥостубуппун, айылҕаҕа таҕыстаххытына сиргитин аһатаргытын умнаайаҕыт диир.

Былыргы өбүгэбит саҕаттан дьон-сэргэ олорон ааспыт сирдэрин ытыктыы, кинилэр олохторун туоһута – иҥнэйбит, сууллубут сэргэлэри харыстыы үөрэниэхтээх эбиппит, доҕоттоор…

Антон Иванов

Бэйэтинэн биллии

2011 сыллаахха төрөппүттэрим икки дьиэни тэҥинэн атыыласпыттара. Биирэ, улахана – кыһыҥҥы, иккиһэ – сайыҥҥы, миэхэ анаммыт этэ. От ыйын саҕаланыытыгар эксээмэннэрбин этэҥҥэ туттартаан, куораттан дойдубар тахсыбытым. Дойдум салгынынан сайа тыынан, ахтылҕаммын таһааран дуоһуйан сылдьарым. Кыра дьиэҕэ ийэм балта кыракый кыыһыныын бааллара. Мин дьүөгэбэр баран, ону-маны сэлэһэн, киинэ уларсан, дьиэбэр хойутуу кэлбитим.

Страница 4