Размер шрифта
-
+

Мифы и легенды Севера = Хоту дойду үһүйээннэрэ уонна номохторо - стр. 7

Когда уехали, парень нарочно стал обнимать девушку, а та смертным криком исходит. В это время лучи двух глаз прямо на него пали. «Шаман наш едет», – сказали. Тут подумал: «Что сможет со мной сделать?» – и спрятался под подушкой той девушки. Как ни укрывался – лучи от света глаз шамана пронизывают его. Войдя, шаман сразу напал на него, уселся верхом. Парень изо всех сил под ним забился. Но шаман не отпускает и говорит:

– Зачем так мучаешь человека?

В ответ на это наш человек рассказал:

– Я не по своей воле сюда прибыл, провалился через дыру в земле. Когда я лежал и страдал от боли, попросил помощи у этих трех девушек, но ни одна не помогла. Из-за этого их беспокою.

Тогда шаман сказал:

– Да, правда, теперь ты отстань от нее. Я тебя в родные места доставлю.

Усадил верхом на гнилое сухое дерево, оно, превратившись в коня, полетело. Опомнившись, глядит: верхом на гнилом дереве лежит на своей земле.

[Фольклор долган, 321 с.]

Атын дойдуга түспүт Киһи

Былыр биир киһи бултуу сылдьан, эмискэ сир хайаҕаһыгар түһэн хаалбыт. Ол түһэн уһуктубута – сиргэ сытар эбит. Маннык сыттаҕына, аттаах үс кыыс кэлбит. Онно кыргыттартан: «Мин ыарыһах киһибин, миигин быыһааҥ», – диэн көрдөспүт эрээри, кинини хайалара да истибэтэх курдук баран хаалбыттар. Киһи кыргыттар саҥаларын эрэ истэн хаалбыт: «Табаларбыт ханна баран хаалбыттарый?» Кыргыттар дьиэлээбиттэрин кэннэ, кинилэр суолларын батыһан барбыт. Биир дьиэҕэ кэлбит. Киирбитэ, оҕонньордоох эмээхсин олороллор эбит. Кинилэр үс кыыстаахтара. Ааҥҥа туран көрүтэлээбит. Ким да дорооболоспотох, арай маннык диэбиттэр: «Киһи ыалдьыттыы кэллэ».

Ол кэннэ киһи биир кыыс аттыгар олорбут. Ону ким да бэлиэтии көрбөтөх. Олорон аһаабыттар. Ол эрээри кинини ким да аһылыкка ыҥырбатах. Киһи биирдии ньуосканан ылан аргыый аһаабыт. Ол аһыырын көрбөтөхтөр эрээри, эппиттэр: «Тоҕо аспыт аччаан иһэрий?» Онно киһи толкуйдаабыт: «Арааһа, миигин көрбөттөр быһыылаах. Кинилэри тыытан көрүүм». Биир кыыс аттыгар кэлэн, кинини тыытан көрбүт. Анарааҥҥыта өлөрдүү хаһыытаабыт. Маннык үс күн сылдьыбыт. «Бу дойдуттан хайдах тахсарбын билиэхпин наада», – диэн толкуйга түспүт. Ол кэннэ биир кыыһы буулаабыт. Онуоха икки ойууну кыырдара ыҥырбыттар. Ойууннар сатаан көмөлөспөтөхтөр. Эппиттэр: «Улуу ойууну ыҥырыахха наада». Ол ойууну аҕала айаннаабыттар.

Барбыттарын кэннэ, киһи кыыһы соруйан кууспаҕалаабытынан барбыт, онуоха кыыс өлөрдүү хаһыытаабыт. Ол кэмҥэ икки харах сырдыга киһиэхэ кэлэн түспүт. «Ойууммут иһэр», – диэбиттэр. «Миигин хайыаҕай?» – диэн киһи толкуйдаабыт уонна кыыс сыттыгын анныгар саспыт. Хайдах да саспытын иһин, ойуун хараҕын сырдыга кинини тэһэ көрөр эбит. Ойуун киирээт, тута киниэхэ саба түспүт, үрдүгэр олорунан кэбиспит. Киһи туох баар күүһүнэн мөхсө сатаабыт. Ол эрээри ойуун кинини ыыппатах уонна эппит:

Страница 7