Мифы и легенды Севера = Хоту дойду үһүйээннэрэ уонна номохторо - стр. 9
– Мити, – говорит, – вели дочерям собираться, пусть замуж выходят, пропил я их!
Так все его дочери замуж вышли. Стали жить и веселиться.
[Легенды и мифы Севера, с. 302–304]
Кутх уонна краб
Кутх кэргэнэ Митилиин олорбуттара эбитэ үһү. Биирдэ Кутх тумулга бараары хомуммут. Кэргэнигэр эппит:
– Мити, аҕал эрэ мин бэргэһэбин, үтүлүкпүн уонна курбун.
Мити хоруйдаабыт:
– Эн, Кутх, баҕарар буоллаххына, сибилигин бар!
Кутх тумулга айаннаан тиийбит. Утары көрсүбүт муора кыылларын барыларын атаҕынан тэбэ-тэбэ эппит:
– Эһигини маннык гыныахха наада!
Салгыы баран иһэн, муора краба утуйа сытарын көрбүт. Уһугуннара сатаабыт, онуоха краб кытаанахтык утуйа сытар эбит.
– Ээй, краб, уһугун!
Краб хараҕын арыйбыт уонна эппит:
– Мин утуйуохпун баҕарабын, мэһэйдээмэ, Кутх!
Кутх хардарбыт:
– Чэ-чэ, краб, тур, сөп буолуо, утуйан бүт!
Краб турбутугар, Кутх көрдөспүт:
– Краб, миигин хатааһылат эрэ!
Кутх кини көхсүгэр олорбутугар, краб муора диэки хаампыт. Оттон Кутх ырыа ыллаан барбыт:
– Миигин ууга хатааһылаталлар. Эн, Мити, дьиэҕэр олороруҥ ордук!
Краб муораҕа хатааһылатан барбытыгар, Кутх хаһыытаабыт:
– Ээй, краб, миигин ыыт, тимирдиэҥ!
Краб эппит:
– Кутх, тоҕо эн миигин уһугуннарбыккыный? Билигин кэлэн куттаныма!
Кутху муора ортотугар илдьибит уонна онно биир улахан төкүнүк таас баарыгар хаалларан кэбиспит. Кутх тааска олорбут. Муора долгуна тааска охсуллан, уунан киһини саба ыспыт. Кутх төбөтүн кухлянка сонугар кистээбит. Ол олорон иһиттэҕинэ, арай таас анныгар дьон саҥарсар эбит. Эмискэ улахан долгун Кутху таас анныгар бырахпыт.
Кутх кирилиэһинэн түспүт, онно кинини муора дьоно аламаҕайдык көрсүбүттэр. Хаппыт этинэн күндүлээбиттэр. Утуйардыы оҥостон сыппыттар. Муора уолаттара ууну барытын кистээбиттэр, өрүһү куурдубуттар. Кутх түүн уһуктан кэлэн уу иһиэн баҕарбыт. Дьиэ иһигэр ууну булбатах. Өрүскэ барбыта, өрүс эмиэ кууран хаалбыт. Кэргэнин, кыра оҕолорун санаабыт. Барыларын ааттарынан ааттаабыт уонна эппит:
– Мити, эн оҕолоргун кытта уу иһэҕин, оттон мин манна утатан өлөөрү гынным!
Ону муора уолаттара истибиттэр эрээри, турбатахтар. Кутх улахан оҕолорун, кыргыттарын, санаабыт:
– Синаневт, Анаракльнавт, эһиги уу иһэҕит, оттон эһиги аҕаҕыт утатан өлөн эрэр!
Муора уолаттара Кутх суланарын саҥа истибит курдук уһуктубуттар уонна эппиттэр:
– Дьахталлар ыалдьыппытын наһаа да сордоотулар! Киниэхэ уу иһэрдибэттэр.
Тута уу баар буола түспүт. Кутх ууну иһэн барбыт. Уолаттар бүтүн биир тыы ууну куппуттар. Ону Кутх барытын испит. Кини өрүскэ тиийэн эмиэ уу бөҕөтүн испит. Дьэ утаҕын ханнарбыт. Уу испит манньатыгар кыргыттарын муора уолаттарыгар кэргэн биэриэх буолбут. Кутху күтүөттэрэ тыынан дьиэтигэр илдьибиттэр. Кини туох буолбутун барытын кэргэнигэр кэпсээбит: