Мифы и легенды Севера = Хоту дойду үһүйээннэрэ уонна номохторо - стр. 6
Онно үөмэн тиийэн көрбүтэ, хайа хаһыллан хаалбыт. Арай ол иһиттэн дьон саҥата иһиллибит. Хайаҕас быыһынан көрбүтэ, дьон бары түүлээх сирэйдээхтэр эбит. Уол үөмэн иһирдьэ киирбит. Балаҕаҥҥа киирэн олорбут. Онно биир дьахтар баар эбит. Кини сэмээр ыйыппыт:
– Туох кыһалҕалаах манна кэллиҥ?
Онуоха хоруйдаабыт:
– Кыһалҕам кыра.
Ол кэннэ дьахтар киниэхэ туох эрэ сымнаҕаһы биэрбит. Тугун өйдөөн көрбөккө, уол ылан сиэбигэр уктан кэбиспит. Дьахтар эппит:
– Чэ, түргэнник мантан бар, мин дьонум эйигин манна көрдөхтөрүнэ, киһи буолуоҥ суоҕа.
Ону истээт, уол тахсан сыарҕатыгар олороот, бэрт түргэнник айанныы турбут. Айаннаан иһэн эргиллэн көрбүтэ, биир киһи эккирэтэн иһэр эбит. Ол киһи ситээри гыммытын көрөн, ыттарын өссө күүскэ сүүрдэр. Сирэйэ бар түү киһи сыарҕа кэннинээҕи мастарыттан тутуспутугар, иккитэ туура баран хаалбыт. Ол гынан хаһыытыы хаалбыт:
– Туппутум буоллар кэһэтиэм этэ!
Уол дьиэтигэр кэлэн баран: «Туоһубун аҕаллым», – дии-дии, сиэбиттэн туох эрэ сымнаҕаһы таһаарар, онто хара саһыл түүтэ эбит. Онно атыыһыт элбэх харчы биэрбит. Субу курдук уол байбыт.
Бу түбэлтэни кырдьаҕастар маннык быһаарбыттар: «Эн былыр ыраахтааҕы нолуогуттан куоппут дьоҥҥо тиийэ сылдьыбыккын. Кинилэр саһаннар, хайа быыһыгар дьиэлэнэллэр этэ. Оттон ити тордоххо эн көрсүбүт киһиҥ – кинилэр булчуттара».
Человек в ином мире
В старину один человек охотился и вдруг провалился в какую-то дыру в земле. Очнулся после падения – лежит, оказывается, на земле. Когда вот так лежал, три девушки на лошадях приехали. Тогда он попросил их: «Я больной человек, спасите», – но те уехали, как будто ни одна из них и не слышала. Он только услыхал слова этих девушек: «Куда же подевались наши олени?» Когда те домой поехали, он пошел по их следам. К одному дому подошел. Когда вошел, там старик со старухой живут, оказывается. У них три дочери. Стоя у дверей, стал смотреть. Никто не сказал слов приветствия: «Вот и человек в гости пришел».
Тогда он подсел к одной девушке. Не замечают, что он подсел к ней. Сидят и едят. Но никто не пригласил: «Угощайся». Сам потихоньку по одной ложке берет и ест. Этого не замечают. Только говорят: «Почему убывает наша пища?» Тут подумал: «Меня, кажется, не видят. Попробую потрогать их». Усевшись рядом с одной из девушек, дотрагивается до нее. Та смертным криком кричит. Так три дня пробыл. После этого решил: «Я должен узнать, как выбраться из этой страны». И стал постоянно приставать к одной девушке. Призвали двух шаманов камлать, они ничем помочь не смогли. Тогда сказали: «Надо послать за великим шаманом». И поехали за ним.