Мифы и легенды Севера = Хоту дойду үһүйээннэрэ уонна номохторо - стр. 5
– Ешь, – говорит.
Поев, улеглись спать.
Утром, когда работник еще не поднялся, волосатый человек ушел на лыжах. Парень встает и размышляет:
– Как же мне доказать, что я был здесь? Узнаю, куда поехал этот человек, и привезу доказательства, – подумав, последовал по его тропе и доехал до каменной горы.
Когда подкрался туда, видит: вся гора изрыта. Изнутри раздается шум многих голосов, когда заглянул через щель – у всех людей волосатые лица. Крадучись, входит. Войдя в это жилище балаган, усаживается. А там была одна женщина, оказывается. Она потихоньку спрашивает:
– Какая нужда привела?
На это отвечает:
– Невеликая нужда.
Тогда женщина стала совать ему что-то мягкое. Не глядя, человек положил это в карман. Женщина говорит:
– Ну, поскорее уезжай, если увидят тебя здесь мои люди, несдобровать.
Услышав это, парень вышел, сел на нарту, да и уехал поспешно. По пути оглянулся – за ним гонится один человек. Увидев, что тот догоняет, погнал собак вовсю. Человек с волосатым лицом, схватившись руками за задние копылья нарты, выдернул две из них. Отстав, прокричал:
– Если бы попался, показал тебе!
Тот парень, приехав домой, сказал: «Примету привез», – и вынул из кармана то мягкое, а это оказалось мех черной лисы. Купец тогда много денег дал. Вот так богатым человеком стал работник.
Старики так объяснили:
– Ты добрался до людей, которые туда в старину убежали, спасаясь от царских податей. Они, скрываясь, устраивают себе жилища внутри горы. Тот человек, которого ты встретил в лесном чуме, – это их охотник-промысловик.
[Фольклор долган, с. 341–343]
Кыра тордоххо уот
Ыраах, халыҥ хаардаах сиргэ былыргы кыра тордох турара үһү. Онно хас киэһэ аайы уот умайар буолбут.
Ол диэки биир уол олорбут үһү. Кини атыыһыт үлэһитэ эбит. Дьон соһуйан ыйыталлара:
– Онно туох уота умайарый?
Онуоха уол атыыһытыгар:
– Сакалааттаһыахха, – диэбит. – Баран көрөн кэлиэм. Хоттордохпуна – мин эйиэхэ үйэ-саас тухары босхо үлэлиэм, оттон кыайдахпына – эн миэхэ харчы биэрэҕин.
Ити курдук икки өттүттэн сөбүлэспиттэр.
Ол киэһэ уол ыттарынан айаннаабыт. Тордоххо тиийэн киирбитэ, сирэйэ бар түү киһи олорор эбит. Сэрэнэн, тулатын көрө-көрө, уол олбоххо олорбут. Түүлээх киһи ас буһарынан аһаары сылдьар эбит. Ас кутан баран:
– Аһаа, – диэбит.
Аһаат, утуйардыы сыппыттар.
Сарсыарда уол тура илигинэ, түүлээх киһи хайыһарынан айаннаабыт. Уол туран баран, толкуйга түспүт:
– Манна сылдьыбыппын тугунан бигэргэтэбиний? Ити киһи ханна барбытын билэн баран, туоһу буолар тугу эмэ илдьэ барыыһыкпын, – дии санаат, киһитэ айаннаабыт ыллыгынан сирдэтэн таас хайаҕа кэлбит.