Размер шрифта
-
+

Мифы и легенды Севера = Хоту дойду үһүйээннэрэ уонна номохторо - стр. 15

[Легенды и мифы народов Севера, 157 с.]

Эһэ арҕаҕар утуйумаҥ

Биир күһүн икки булчут тайҕаҕа бултуу барарга быһаарыммыттар. Хас да күҥҥэ сииргэ диэн хаһаанан килиэп ылбыттар. Тыаҕа кэлэн баран, күнү быһа көтөрү-сүүрэри уонна тииҥи бултаабыттар.

Халлаан хараҥарбыт. Ханна эрэ хонуохха наада буолбут. Уот отторго кураанах мастаах үчүгэй сири көрдүү сатаан баран булбатахтар. Кураанах мастар оннуларыгар иччитэх эһэ арҕаҕын көрбүттэр. Арҕах аттыгар уот оттубуттар, солуурга ас өрүнэн аһаабыттар уонна утуйарга санаммыттар. Халлаан былытырбытын көрөн, түүнүн ардыан эбэтэр хаардыан сөп дии санаабыттар.

Хайыахтара баарай?! Булчуттар малларын, бултарын сабан баран, ыга баайбыттар, ол кэннэ арҕахха киирбиттэр. Арҕахха эһэ синньигэс лабаанан, хаппыт отунан оҥорбут сымнаҕас ороно баар эбит. Булчуттар толкуйдуу барбакка, онно утуйардыы сыппыттар. Түүн тымныйан, арҕаҕы сонунан ыга бүөлээбиттэр. Арҕах иһэ сылыйбыт. Онуоха булчуттар утуйан хаалбыттар. Кинилэр кыс устата – алта ыйы быһа утуйбуттар! Ол тухары биир ойоҕосторуттан биир ойоҕосторугар биирдэ эрэ эргийбиттэр.

Саас кэлбит, булчуттар уһуктубуттар. Арҕахтан өҥөйөн көрбүттэрэ, ып-ыраас халлаан, хаар да, ардах да суох. Кыһыны быһа арҕах аттыгар сыппыт малларын хомунан баран, дьиэлэригэр барбыттар. Тохтообут сирдэригэр тиийбиттэрэ – биир да киһи суох. Булчуттар өрүс кытылыгар тиийбиттэр. Онно тордохтор тураллар эбит. Ыттар үрбүттэр. Тордохтортон дьон тахсан, күһүн бултуу барбыт булчуттара саас эргиллибиттэрин көрбүттэр. Кинилэри сүппүттэр дии саныы сылдьыбыттар.

Ол да иһин кет омуга: «Эһэ арҕаҕар хоммот буолуҥ, кыһыны быһа утуйуоххут», – диэн мээнэҕэ эппэт.

Корякский фольклор=Кэрээк фольклора

Как Куйкынняку прекратил дождь

Давно это было. Долго, не переставая, шел дождь.

Тогда Куйкынняку сказал своим сыновьям:

– Ну-ка, сыновья, наловите оленей!

Наловили сыновья оленей. Куйкынняку большую ладью сделал. В нее этих оленей загнал. Потом стал всех зверей созывать. Всякие звери к нему пришли. И мыши тоже пришли. Составил Куйкынняку из мышей упряжку, запряг их в ладью, поехал к морю. С собой мухоморов10 взял. Приехал к морю. А дождь-то все время идет.

На другой день отплыл. Долго плыл по морю. Наконец к острову подплыл. Высадился на берег. Видит – поселок. Пришел туда. Видит – женщина сидит, волосы расчесывает.

– Ага, вот из-за чего дождь идет!

Сказала ему женщина:

– Здравствуй, старик! Явился!

– Да, явился!

Страница 15
Продолжить чтение