Мифы и легенды Севера = Хоту дойду үһүйээннэрэ уонна номохторо - стр. 12
Киирбиттэр. Суор ыйыппыт:
– Тугу аһыыгыт?
Саһыл хоруйдаабыт:
– Биһиги аспыт элбэх. Бэйэҕит аһааҥ.
Суор ойоҕо хоспохтон ас аҕала барбытыгар, саһыл кини кэнниттэн сыбдыйан тиийэн, куулугар ас уктан барбыт. Куулун толору уган баайан, күүлэҕэ таһааран муннукка олордон кэбиспит.
Суор сөхпүтэ ааспакка эппит:
– Хор, сиэн балтым кэргэн тахсыбыт! Дьэ ыал буолбут!
Онуоха саһыл киһиргээбит:
– Оннук, мин кэргэним уруккуттан элбэх табалаах. Икки улахан үөрдээх.
Онтон сымыыт көрдөөн ыйыппыт. Кэргэнэ сымыыты олус таптыырын туһунан эппит. Ол оннугар таба тириитин эрэннэрбит:
– Таба тириилэрэ бу куулга бааллар. Тыытан да көр!
Суор куулу тыытан көрбүт. Кырдьык, онно таба тириитин курдук туох эрэ сымнаҕас баар эбит. Үөрбүт: «Бу баайы! Барыларыгар таҥаска тиийииһик». Куулу быыс кэннигэр ууран кэбиһэргэ соруйбут.
Суор ойоҕо саһылга эппит:
– Биһиги уол оҕолоохпут, эн кыыстааххын. Холбуохха баар эбит.
Саһыл толкуйдаабыт уонна эппит:
– Уолгут ойох ылыан баҕарар буоллаҕына, холбуохха да сөп.
Ити курдук кэпсэтэ-кэпсэтэ чэйдээбиттэр. Чэй иһэн бүтэн баран, саһыл кэргэнигэр туһулуурдуу эппит:
– Дьиэбитигэр барыахха: табалар куттанан куотан хаалыахтара. Эбэтэр оннооҕор куһаҕан – үүрэн илдьэ барыахтара.
(Маны барытын кини сымыйалаабыт. Кэргэнэ суох, соҕотох кэлбитэ).
Ол кэннэ дьиэлээхтэри кытта быраһаайдаһан тахсыбыт. Күүлэттэн астаах куулун ылбыт. Көхсүгэр сүгэн дьиэтигэр нэһиилэ аҕалбыт. Кыыһыгар күлэн эппит:
– Көр эрэ, мин суору албыннаатым. Миигин кырдьыктыы кэргэн тахсыбыт дии санаата. Эргэ илими таба тириитэ диэн ылынна.
Онуоха кыыһа эппит:
– Тоҕо албынныыгыный? Үчүгэйинэн көрдөһүөххүнүй.
Саһыл кыыһырбыттыы хоруйдаабыт:
– Үөрэтимэ эн миигин, оччотугар аһа суох хаалларыам!
Кыыһа саҥата суох барбыт. Оттон ийэтэ сымыыт сиэн баран, эт буһаран барбыт.
Суор судургутук таба тириилэнэн хаалбытыттан олус үөрбүт, астыммыт. Арай дьиэ үрдүттэн ороҥҥо туох эрэ таммалаабыт.
– Тугуй бу? – ойоҕо саҥа аллайбыт.
Суор хоруйдаабыт:
– Баҕар, саһыл суолга тириини инчэтэн кэбиспитэ буолуо.
Ити кэмҥэ уоллара кэлбит. Киниэхэ тирии туһунан кэпсээбиттэр. Онуоха уол көрдөспүт:
– Дьэ баайгытын көрдөрүҥ эрэ.
Ийэлэрэ куулу ылан сүөрбүт. Илими хостоон таһаарбыт, ол онтон олуһун соһуйбут.
– Көрүҥ эрэ, туох да суох! Инчэҕэй эргэ илим эрэ баар.
Суор кыыһырбыт уонна дьаһайбыт:
– Илими куулу кытта хоспох ааныгар ыйаан кэбиһиҥ. Бүгүн саһыл, арааһа, эмиэ кэлэрэ буолуо. Хоспоххо ас ыла бэйэтэ бардын. Илиитин куулга уктаҕына, баайан кэбиһээриҥ. Хапкаан курдук буолуоҕа.
Кырдьык, сотору буолан баран, саһыл эмиэ кэлбит. Суор кыыһа ийэтигэр эппит:
– Көр эрэ, албынчык эмиэ кэллэ.