Размер шрифта
-
+

Лаглайбыт күөх харыйачаан - стр. 8

(Оҕолор ыҥыраллар, Тымныы оҕонньор Хаарчааналыын тиийэн кэлэллэр.)

Тымныы оҕонньор. Эhэ-hээй! Дорооболоруҥ!

Оҕонньордоох эмээхсин. Тымныы оҕонньор, махтал Хаарчаананы аҕалбыккар!

Ыытааччы. Оҕолору кытта хаалан бырааhынньыктааҥ, оонньооҥ-көрүлээҥ.

(Оҕонньордоох эмээхсин оҕолор быыстарыгар киирэн олороллор.)

Тымныы оҕонньор. Саргылаах Саҥа дьыл салаллан кэлбитинэн бары оҕолору, ыалдьыттары эҕэрдэлиибин! Чэйиҥ эрэ, оҕолоор, бырааhынньыктааҕы хоробуокка туруоҕуҥ!

(«Шёл по лесу Дед Мороз» хоробуот)

Тымныы оҕонньор. Олус үчүгэйдик ыллаатыгыт. Үҥкүүлээммин ууллаары гынным.

Ыытааччы. Оҕолоор, Тымныы оҕонньорбут ууллаары гыммыт, бары бииргэ кинини үрүөҕүҥ! (Оҕолор бары үрэллэр.) Тымныы оҕонньор, ыраахтан кэлэн сылайбытыҥ буолуо, олорон сынньан, оҕолор эйиэхэ хоhоон ааҕыахтара.

(Хоhооннор)

Ыытааччы. Тымныы оҕонньор, оҕолору аралдьытан, оонньуута толкуйдууруҥ буолаарай?

Тымныы оҕонньор. Мин оонньуурбун дьэ сөбүлүүбүн!

(Оонньуу. Тымныы оҕонньор харыйа диэки хайыhан турар, 10 диэри ааҕар, оҕолор түүл кэннигэр саhаллар. Тымныы оҕонньор оҕолору көрдүүр, олоппостор анныларын, харыйа кэннигэр көрөр, төрөппүттэртэн ыйыыталаhар. Онтон түүл диэки барар. «Манна кимнээх харахтара чаҕылыйарый? Кимнээх атахтара көстөрүй?» – диир. Түүлү арыйар: «Бу бааллар эбит дии оҕолорум».)

Ыытааччы. Тымныы оҕонньор, оттон оҕолору эн тугунан күндүлүөххүнүй?

Тымныы оҕонньор. Мин билигин оҕолорго түргэнник улааттыннар диэн аптаах хааhы буhарыам. Миэхэ улахан күөс, бурдук, саахар наада.

(Остуол киллэрэллэр. Остуолга улахан күөс турар. Иhигэр бэлэхтэр бааллар. Кыра миискэҕэ конфетти. «Бурдук», «Саахар», «Туус» диэн суруктаах хоруопкалар тураллар. Тымныы оҕонньор хааhытын «буhарар», миискэттэн конфеттины хамыйаҕар баhан ылан үрэр.)

Тымныы оҕонньор. Хааhыбытыгар хаар тиийбэт эбит. Чэйиҥ эрэ, оҕолоор, миэхэ көмөлөһүҥ, хаарда аҕалыҥ.

(«Хаарда аҕал» оонньуу)

Тымныы оҕонньор. Чэйиҥ эрэ, көрүөххэйиҥ, төһө бэрт хааhыны буhарбыт эбиппиний!

(Хааhытын булкуйар, хамыйаҕар бэлэҕи баhан таhаарар.)

Тымныы оҕонньор. Оҕолоор, көрүҥ, биhиги хаарбыт туохха кубулуйбутуй?! Бэлэх буолан буhан тахсыбыт!

(Бэлэх биэриитэ)

Тымныы оҕонньор. Барар кэмим тиийэн кэллэ, эhиил эмиэ кэлиэҕим! Көрсүөххэ диэри! Саҥа дьылынан!

Аптаах хаар чөмөҕө

Оруоллар:

Ыытааччы

Тымныы оҕонньор

Хаарчаана

Ведьмочка

Спанч Боб

Зебра

Хахай

(Ыытааччы төрөппүттэри, ыалдьыттары эҕэрдэлиир, оҕолор саалаҕа киирэн төгүрүччү тураллар.)

Ыытааччы. Оҕолоор, бүгүн биhиэхэ бырааhынньык – Саҥа дьыл! Көрүҥ эрэ, саалабыт хайдах курдук киэркэйбитин, биhиэхэ харыйа ыалдьыттыы кэлбит… Чэйиҥ, бырааhынньыкпытын саҕалыаҕыҥ! Харыйабыт уотун уматыаҕыҥ! Хатылааҥ: «Биир, икки, үс – харыйа уота, чаҕылый!»

Страница 8