Лаглайбыт күөх харыйачаан - стр. 6
Тымныы оҕонньор. Оннук буоллаҕына, санаарҕаама, мин эйиэхэ көмөлөһүөм.
(Мөһөөччүк тула сылдьан «аптыыр», торуоскатынан муостаны тоҥсуйар, онтон мөһөөччүгү таарыйар.)
Тымныы оҕонньор. Чэ, көрүҥ эрэ.
Дьэгэ-Бааба. Ураа! Дьиҥнээх бэлэхтэр!
(Тымныы оҕонньор Хаарчааналыын кэhиилэри түҥэтэллэр.)
Тымныы оҕонньор. Барар кэммит тиийэн кэллэ, эhиил эмиэ кэлиэхпит!
Хаарчаана. Саҥа дьылынан! Саҥа дьолунан!
Тымныы оҕонньор. Көрсүөххэ диэри!
(Тахсан бараллар)
Хаарчаана
Оруоллар:
Ыытааччы
Тымныы оҕонньор
Хаарчаана
Оҕонньор
Эмээхсин
Сулустар
Куобахтар
Хаар киһилэр
Туттуллар тэрил: мас дьиэ, кылабачыгас хаардар.
(Ыытааччы төрөппүттэри, ыалдьыттары эҕэрдэлиир, оҕолору саалаҕа ыҥырар. Оҕолор киирэн төгүрүччү тураллар.)
Ыытааччы. Оҕолоор, бүгүн биhиэхэ бырааhынньык – Саҥа дьыл! Көрүҥ эрэ, саалабыт хайдах курдук киэркэйбитин, биhиэхэ харыйа ыалдьыттыы кэлбит. Оҕолоор, харыйабыт тугун бэрдэй, араас оонньуурунан киэргэммит, симэммит. Оттон уоттара тоҕо күлүмнүү умайбаттарый? Харыйаттан көрдөhүөххэйиҥ: «Биир, икки, үс – харыйабыт уота, чаҕылый!»
(Оҕолор хатылыыллар, харыйа уота умайар.)
Ыытааччы. Чэйиҥ, бырааhынньыкпытын саҕалыаҕыҥ!
(Хоhооннор)
(«Саҥа Дьыл» хоробуот)
(Хоробуот кэнниттэн оҕолор олороллор.)
Ыытааччы. Олус да үчүгэйдик ыллаатыбыт, хоhоон аахтыбыт, харыйабыт истэн үөрдэ буолуо. Оҕолоор, сотору күүтүүлээх ыалдьыппыт Тымныы оҕонньор ыалдьыттыы кэлиэ, кэhиитин аҕалыа… Оттон бу кэрэчээн харыйабыт эмиэ остуоруйа кэhиилээх кэлбит эбит, чуумпуран олорон көрүөххэйиҥ.
Ыытааччы. Арай биирдэ олорбуттара эбитэ үһү оҕонньордоох эмээхсин. Кинилэр…
(Дьиэттэн оҕонньордоох эмээхсин тахсаллар.)
Оҕонньор. О-хо-хо!
Эмээхсин. Э-хэ-хэ!
Оҕонньор. Чуҥкуйдуҥ дуо, эмээхсиэн?
Эмээхсин. Чуҥкуйдум, оҕонньоор!
Оҕонньор. Оттон таhырдьа оҕолор оонньуу сылдьаллар, ырыа ыллыыллар. Көрөргө олус да үчүгэй…
Эмээхсин. Биhиги сиэннээхпит эбитэ буоллар, кини эмиэ оҕолору кытта оонньуо-көрүлүө этэ…
Оҕонньор. Таhырдьа тахсан көрүөххэ…
(Сыана кытыытыгар баран олороллор.)
Ыытааччы. Оҕонньордоох эмээхсин таhырдьа тахсыбыттара – оҕолор үөрүү-көтүү бөҕө, ырыа ыллыыллар, үҥкүүлээн тэйэллэр эбит.
(«Кыhын кэллэ» ырыа)
(«Хаардаах үҥкүү»)
(Үҥкүү кэнниттэн оҕолор хаардарын харыйа анныгар чөмөхтөөн уураллар.)
Оҕонньор. Эмээхсиэн, оттон бу кылабачыгас хаарынан бэйэбитигэр сиэн кыыста оҥоруохха.
Эмээхсин. Бу да оҕонньор, ону-маны кэпсээн…
Оҕонньор. Оттон боруобаҕа боруок суох, баҕар туhа тахсыа…
(Оҕонньордоох эмээхсин хаары чөмөхтүүллэр, бүтэннэр таҥаhынан бүрүйэллэр.)
Оҕонньор. Олус да элбэх хаар түспүт. Оҕолоор, кэлэн оонньооҥ!
(«Хаары хомуй» оонньуу. Оҕонньор хаардаах иhити өрө ыhар, оҕолор биирдии хаары ылан төттөрү иhиккэ угаллар.)