Лаглайбыт күөх харыйачаан - стр. 7
(Оонньуу кэмигэр биллибэтинэн Хаарчаана «хаар чөмөҕүн» анныгар киирэн олорор.)
Эмээхсин. Оҕонньоор, кэл эрэ… Көр эрэ, хаарбыт хамсыыр дии.
(Таҥаhы арыйбыттара – Хаарчаана тахсар кэлэр. Оҕонньордоох эмээхсин соһуйаллар, үөрэллэр.)
Оҕонньор. Олус да кэрэ кыысчаан!
Эмээхсин. Бу биhиги сиэммит дуо? Тугун бэрдэй!
Оҕонньор. Ким диэн ааттыыбыт сиэммитин?
Эмээхсин. Хаартан чочуллан оҥоhуллубутун иhин Хаарчаана диэн ааттыахха!
Хаарчаана. Дорообо эбээ, дорообо эhээ! Мин эhиэхэ көмөлөһүөм, дьиэни-уоту хомуйуом, уу баhан аҕалыам, чэй өрүөм.
(Биэдэрэ ылан уу баhа барар.)
Ыытааччы. Хаарчаана уу баhа барбыт. Арай көрбүтэ: оҕолор оонньуу сылдьаллар эбит.
Хаарчаана. Тула бары үөрэллэр-көтөллөр, арай миигин ким да ыҥырбат.
Ыытааччы. Оҕолоор, Хаарчаананы оонньууга ыҥырыаҕыҥ.
(Оонньуу)
Хаарчаана. Эhигини кытта онньуу сылдьар олус да үчүгэй эбит. Өссө оонньуохха, мин эбэлээх эhэбиттэн көҥүллэтэн кэлиэм.
(Биэдэрэтин ылан дьиэҕэ барар. Оҕонньордоох эмээхсин дьиэттэн утары тахсаллар.)
Хаарчаана. Эбээ, эhээ, оҕолору кытта оонньуу барарбын көҥүллээҥ.
Оҕонньор. Оҕолору кытта баран оонньоо, оонньоо.
Эмээхсин. Сэрэнэн сырыт, ыраах барыма, мунан хаалыаҥ.
(Оҕонньордоох эмээхсин илиилэринэн сапсыйаллар.)
Хаарчаана(хааман иhэн саҥарар). Өр да хаамтым, доҕотторбуттан хаалан хааллым. Ау! Ау! Ким да суох… Арай үөhэ халлааҥҥа сулустар күлүмнүүллэр. Сулусчааннар, сулусчааннар, халлаантан түһэн миэхэ көмөлөһүҥ, суолбун сырдатыҥ!
(Сулусчааннар үҥкүүлэрэ.)
(Үҥкүү кэнниттэн Хаарчаанаҕа сулустары биэрэллэр.)
Хаарчаана. Сулусчааннар, дьүөгэлэрим, көтөн кэлэн абыраатыгыт даҕаны, куттаммытым ааста… Дьиэбин хайдах булабыный, хайа диэки барабыный?
Ыытааччы. Хаарчаана, куттаныма. Манна тыаҕа кыыллар бааллар, кинилэри ыҥырыахха. Куобахчааннар, кэлиҥ, Хаарчаанаҕа көмөлөһүҥ.
(Куобахтар киирэллэр.)
(«Куобахчаан» ырыа)
(Куобахтар үҥкүүлэрэ)
Хаарчаана. Куобахчааннар, мин дьиэбэр хайдах тиийэбиний?
Куобахтар. Оол онно, тыа саҕатыгар, муус дьиэ баар. Онно бар.
Хаарчаана. Ол диэҕэ ким олороруй?
Куобахтар. Тымныы оҕонньор!
Ыытааччы. Хаарчаана, ыксаа, Тымныы оҕонньор оҕолорго бараары хомунан эрдэҕэ буолуо.
Хаарчаана. Сулустарынан сырдатан ол дьиэни көрдүү бардым.
(Барар.)
Ыытааччы. Ол кэмҥэ оҕонньордоох эмээхсин сиэннэрин сүтүктээн көрдүү барбыттар.
(Дьиэттэн оҕонньордоох эмээхсин тахсаллар.)
Оҕонньор. Сиэммит кыыс Хаарчаана, ханна бааргыный? Ау!
Эмээхсин. Аны ким биhиэхэ уу аҕалар, ким ырыа ыллыыр?
Ыытааччы. Долгуйумаҥ, долгуйумаҥ! Истэҕит дуо, чуораан тыаhыыр, ким эрэ атынан айаннаан иhэр. Арааhа, Тымныы оҕонньор быhыылаах. Бары ыҥырыаҕыҥ эрэ кинини.