Иччи. Сибиэн. Абааһы - стр. 9
Сарсыарда турбутум – дьиэм дьоно түүнү быһа куттанан утуйбатахтар. Онтон кэлин истибитим, маннык быһылаан буолбут. Ити сэрии кэмэ, сут дьыллар этилэр. Онон эр киһи диэн ыалга сэдэх, биир эмэ оҕонньор уонна оҕолор этилэр.
Ыалбыт эмээхсин биир обургу уолунаан уокка оттор мас көрдүү чугас эргин куоһахтары кэрийбиттэр. Уола оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан өрөбүлгэ дьиэтигэр кэлбитин, ийэтэ эмээхсин уолун көмө оҥостоору мас булунар санаалаах барбыт. Аччык оҕо уонна күнүскү үлэттэн сылайан нэһиилэ сылдьар эмээхсин ханна ыраатыахтара баарай? Олорор дьиэлэрин арҕаа өттүгэр ырааһыйа баарыгар былыргы өтөхтөр оннуларыгар аҕыйах баҕана ордон хаалбытын таһыгар, кыра оҥхой сиргэ, мас сытар эбит. Ону биһиги дьоммут улаханнык көрө, толкуйдуу барбакка эрбээн киирэн баартар. Уол көрдөҕүнэ, бэрэбинэтэ сороҕор мутуктанан кэлэр үһү. Ийэтэ тугу даҕаны уорбалаабатах. Онон бэрэбинэни бүтүннүү эрбээн кэбиспиттэр.
Дьэ, доҕоор, киэһэ хараҥа буолаатын кытта, хантан да кэлэрэ биллибэт ким эрэ оһох кэнниттэн дьиэ иһигэр баар малларынан дьону быраҕаттыыр. Ону көрдөөрү мин эһэбиттэн тымтык көрдөөбүттэр уонна доҕор оҥостоору бэйэтин ыҥырбыттар. Көрдүүллэр-көрдүүллэр – ким да суох, тугу даҕаны булбаттар. Көрдөөччүлэр оһох кэнниттэн таҕыстахтарын аайы, били мааҕын быраҕыллыбыт маллара, иһиттэрэ иккиһин күөрэйтэлиир. Онтон ыксаан кыптыыйдарын, быһахтарын, биилкэлэрин, ньуоскаларын дьааһыкка хатыыллар да, син биир оһох кэнниттэн били биилкэлэр, быһахтар, ньуоскалар хат кыырайан кэлэ тураллар. Оттон мин эһэм, доҕор буола тахсыбыт киһилэрэ, икки сүгэтин икки өттүгэр уктан баран, сылайан, дьиэ ортотугар муостаҕа сытынан кэбиһэр уонна маннык диэн саҥалаах үһү: «Ол-бу буолумаҥ эрэ, бараммын сүгэнэн кэрдиэм». Ону истиэхтэрэ баара дуо? Син биир бырахпыттарын кубулуппатахтар. Арай били мас эрбээн аҕалбыт эмээхсин улахан кыыһын таппыттар, уоннааҕы дьону сыыһа-халты быраҕаллар үһү.
Онтон ыксаан, түүн ый быыһа хараҥаҕа дьиэлээх ыаллар бары оҕолордуун биһиги балаҕаммыт хоту өттүгэр холкуос техникатын уурар улахан баҕайы сарайга ат сэбин уурар үчүгэй баҕайы муосталаах хос баарыгар туох баар утуйар таҥастарын илдьэ баран, утуйардыы оҥостубуттар. Сыппыттарын кэннэ, арай эмискэ бурдук астыыр массыыналарынан, саппаас чаастарынан быраҕаттыыллар. Кыра оҕолор куттанан өй-мэйдээх тулуйбат айдаанын тардаллар. Улахан дьон оҕолорун илдьэ сылгылары тутар сэнэх, улахан баҕайы ампаар көнньүүһүнэ баарыгар баран дьэ уоскуйан, оҥостон үчүгэйдик утуйаллар. Ити, арааһа, халлаан сырдыыта буолуо.
Сарсыарда туран истибиппит, били таптарбыт кыыстара эмискэ төбөтүнэн ыалдьан, иирэн хаалбыт. Кыыһы иччитэх ампаар дьиэ баарыгар илдьэн хаайан кэбиспиттэр. Кыыс эрэйдээх иирэн, дьиэ истиэнэтин устун хаама сылдьар үһү. Ону оҕо-уруу түннүгүнэн уоран көрөр эбит. Дьиктиргээн кэпсэтии-ипсэтии бөҕө буолаллар. Кыыс улахан быраата, били бэрэбинэни эрбэспит уол, ас илдьэн биэрдэҕинэ, өлөрө сыһан таһаарар, оттон кыра быраатыгар кыһаммат үһү.