Размер шрифта
-
+

Иччи. Сибиэн. Абааһы - стр. 7

Сарсыныгар хойутаан, төбөбүн баанан кэнсэлээрийэҕэ тиийэн үлэлии олордум. Остуорас оҕонньор кэлэн оһох оттубут да, дьиэ иһэ тыбыс-тымныы. Оччолорго үлэҕэ тахсыбат диэн улахан аньыы этэ, онон эрэ үлэлээбитэ буола олордохпуна, оҕонньор киирэн ааны саппакка барбыккын, бүгүн хойутаатыҥ, төбөҥ баайыылаах, аһыыр оҕо быһыылааххын диэх курдук саҥартаата. Ол иһин барытын кэпсээн биэрдим. Оҕонньорум улаханнык соһуйда, киэһэ оһоҕу сабан баран, иккиэн тэҥҥэ дьиэбитигэр барарга сүбэлэстибит. Киэһэ хараҥа буолбутугар чүмэчинэн олордохпутуна, түннүкпүт аннынан сыарҕалаах аттар тыастара хаарга хоочугураһан кэллилэр. Мин оҕонньорбун көрө түспүтүм, мин диэки куһаҕан баҕайытык көрөн баран олорор эбит. Куттаныах курдук буоллубут. Сотору үүт-үкчү бэҕэһээҥҥи курдук тыаһаан-ууһаан, тас дьиэҕэ турар остуолга тугу эрэ уурдулар. Онтон утуу-субуу үс киһи киирэн кэллэ. Кырыа-хоруо бөҕө буолтар. Билэр дьоммут киирэн кээлтэрин көрөн, хайа муҥун, биһиги дьэ холкутаатыбыт. Бэрэссэдээтэлбит балыыһаҕа киирэн биир эрэ хонон хаалбыт, ону өлүгүн аҕалан ити остуол үрдүгэр уурбуттар».

Итини истэн баран аҕам «бокуонньук бэриэтчиттээх киһи эбит» диэн быһаарда. Оттон мин билигин саныыбын. Ити дьону кытта чахчы буолар түбэлтэлэр тоҕо билигин буолбаттарый? Бэриэтчиттээх дьон төрөөбөт буоллулар дуу? Эбэтэр бэйэбит хайдах эрэ уларыйан, тугу да билбэт буолан хааллыбыт дуу?


«Ыйтан түспүт»

Иччитэх өтөххө

Биир киэһэ биһиги, республикатааҕы балыыһа хирургия отделениетын ыарыһахтара, балыыһа оронун иччилээччилэрэ, хайдах эрэ ис-испититтэн кэри-куру буоллубут. «Нохолоор, мээнэ сытыахтааҕар урут аҕам бокуонньук барахсан миэхэ кэпсээбит, тус бэйэтэ түбэһэ сылдьыбыт түбэлтэтиттэн сэһэргээтэхпинэ истиэ этигит дуо?» – аттыбар кэккэлэһэ сытар палаатабыт саамай кырдьаҕаһа, 78-с хаарын санныгар түһэрбит Сүөдэр оҕонньорбут ыйытта.

Хайа саха киһитэ сэһэни сэргээбэтэҕэ баарай? Биһиги «кэпсээ» дэһистибит.

– Мин аҕам Уйбаан бөдөҥ-садаҥ, бэйэтин кыанар киһи этэ, – диэн сэһэнин оргууй аҕай сыыйан саҕалаан барда. – Кини биирдэ булдугар үлүһүйэн хараҥаҕа былдьаппыт. Инньэ гынан чугастааҕы өтөххө хонорго быһаарыммыт. Өтөҕөр тиийэн кэлбит. Им балай хараҥаҕа илиитин иминэн харбыалаһан, бигээн, аҕыйах маһы булан киллэрэн, көмүлүөк оһоҕу тигинэччи оттон кэбиспит. Өлөрбүт куһуттан үргээн, илдьэ сылдьар биэдэрэтигэр уу баһан, күөһүн оһоҕун чанчыгар оргута уурбут. Өр-өтөр буолбатах, күөһэ оргуйан будулуйан тахсыбыт. Аҕам тото-хана аһаан, кэтэ сылдьар сонун уһулан кэтэҕириин ороҥҥо тэллэх оҥостон тэлгээбит, сылайбыт-элэйбит киһи быһыытынан сытынан кэбиспит. Умайа турар көмүлүөк оһоҕо балаҕан иһин сыдьаайан сырдатара үһү. Аҕам бу сытан нухарыйан киирэн барбыт. Ол сыттаҕына, сирэйин биллэр-биллибэттик салгын имэрийэн ылбыт уонна:

Страница 7