Размер шрифта
-
+

Таптыыбын… Шёпот сердца… - стр. 33

Татьяна Находкина-Татыйаана (III миэстэ)

Таптал кыыма сөҕүрүйбэт

Учительскай аанын күүскэ тэлэччи аһан, уон биирис кылаас салайааччыта Валентина Алексеевна тыастаахтык үктэнэн киирэн кэллэ. Кыыһырбытыттан сирэйэ үллэн хаалбыт, тутан турар сурунаалын остуолга күүскэ бырахпытыгар, сурунаал хайа эрэ лииһэ ортотунан хайа барар тыаһа иһилиннэ.

– Кыыһырбыккытын тоҕо сурунаалынан таһаараҕыт? – үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ Елена Егоровна сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ.

– Алдьаммыт буоллаҕына абырахтаныллыа, улахан эбит, – Валентина Алексеевна кыыһырбыта ааспат, тохтоло суох илиитин мускунарын быыһыгар төттөрү-таары учительскайы биир гына тилийэ хаамар.

– Валентина Алексеевна, олор эрэ, туох үлүгэрдээх кыыһырдыҥ? Туох буолла? – Елена Егоровна эйэ дэмнээхтик ыйытар.

– Аркадий Анатольевич, ама да ирдэбиллээх учуутал аатырбытын иһин, олус наһаалыыр. Бу үөрэх дьыла түмүктэнээри турдаҕына, Николаев Ньургуҥҥа «иккини» туруорбут. Ньиэрбэм барыта бүттэ. Уол оскуолатын бүтэрдэҕинэ үөрэххэ эбэтэр аармыйаҕа барыа этэ буоллаҕа. Кини да сөбүн иһэр дьонноох буолан эрэйи көрдө. Оҕо кыһалҕатын өйдөөбөттөр, – кылаас салайааччыта, сибилигин Аркадий Анатольевиһы көрсө түстэҕинэ, аахсарга бэлэм курдук туттар-хаптар, идэтинэн бинсээгин тохтоло суох аллара тардыммахтыыр.

– Ньургун Николаев, дьиҥинэн, тылга үчүгэй. Кэпсиир дьоҕурдаах. Мин саныахпар, историческайга эбэтэр юридическайга киириэн сөп, – Матрёна Григорьевна, история учуутала, кэпсэтиигэ кыттар.

– Сөпкө этэҕин. Булкуллар, ол иһин Биир кэлим эксээмэҥҥэ историятын, обществоведениетын эмиэ талбыта ээ, – кылааһын салайааччыта сөбүлэһэн, тохтоло суох кэҕиҥниир.

– Валентина Алексеевна, чэ, уоскуй, киһи наһаа өлөр-быстар проблемата буолбатах эбит. Учуутал үөрэнээччи олус наһаалаабытыттан кыһыйан туруорда ини. Уопсайынан, уон бииристэр учууталлары олус эккирэтиннэрэллэр. Эксээмэннэрэ муннуларын анныгар ыган кэлбитин да кэннэ кыһамматтар. Араастаан таҥна-таҥна уулуссаны эрэ кэриимнииллэр, – Альбина Николаевна, нуучча тылын уонна литературатын учуутала, бэйэтин санаатын биллэрэр.

– Чэ, ол Николаев Ньургун араастаан уларыттар-симэнэр таҥаһа да суох. Булан эттэххин, – Валентина Алексеевна өһүргэнэн, ааны күүскэ тыастаахтык сабан тахсан барар.

– Ама да кылаас салайааччытын иһин, олус көмүскэс. Бэйэтин төрөппүт оҕолоругар итинник өлөн-быстан кыһаныа суоҕа.

– Оннук, ол иһин ити кылаас учууталлары аанньа ахтыбат. Хаардыы хаамаллар.

– Ити быыһыгар кылаас салайааччытыгар, тустаахха, күн ахсын иһэр-аһыыр төрөппүтү кытта алтыһара эмиэ ыарахан. Дьиҥинэн, ыарахан кылааһы ахсыстан ыла сыһан-соһон сүрдээҕин үлэлэстэ. Хайа да учуутал ити кылааһы ылыан баҕарбатаҕа эбээт. Оҕолор төрөппүттэринээҕэр да үгүс бириэмэни атаарар быһыылаах, – учууталлар буолбут айдааны ырытыһан, аймалаһа түһэллэр.

Страница 33