Таптыыбын… Шёпот сердца… - стр. 31
Маришкалаах Мария Ивановна хаан-уруу аймахтар, эдьиийдии-балыс буоланнар эбитэ буолуо, бэйэ-бэйэлэрин биир тыла суох өйдөстүлэр. Аттыларыгар арай туора киһи Аанчык, тугу да өйдөөбөтөҕө, арай айаҕа дьэ сабыллан, чуумпуран, эмиэ бэйэтин иһигэр элбэҕи эргитэ саныы, олох эридьиэстээх, ардыгар киһи өйүгэр үөйбэтэх-ахтыбатах өттүнэн кулахачыйа эргийбитин таайа сатыы олордо.
Аҕыйах хонугунан Миичик таҕыста. Коменданы уонна вахтёру кытта кэпсэтэн, сайабылыанньаларын бэрт түргэнник ыллардылар. Маришкалаах Аанчык туһунан этэ да барыллыбат. Ол туһунан Мария Ивановналыын билсибит күннэригэр тута быһаарсыбыттара. Онон Миичик тахсыбыт күнүгэр ийэлээх аҕата уолларын куорат киинигэр турар 3 хостоох дьиэлэригэр аҕалан, тото-хана аһатан баран, Маришка туһунан бэрт эрэйинэн кэпсээтилэр, хайдах табылларынан өйдөтө сатаатылар. Ол эрээри ийэлээх аҕатын киһини итэҕэппэт сэһэннэрэ Миичик өйүн түөрэ ытыйан кэбистэ. Онуоха ийэтэ ыксаан уолугар убайын хаартыскатын көрдөрдө да, киһилэрэ отой ылыммат курдук туттар. Кини иннигэр хаартыскаҕа олорор киһини билэр эбит эрээри, Маришка аҕата буоларын отой итэҕэйбэт. Дьоно соруйан кыыстан араараары ону-маны саҥараллар диэн өйө-санаата утарылаһар.
Онтон сылтаан киэһэ аны дьоно бэрт эрэйинэн Маришканы булан дьиэлэригэр аҕалан, уол иннигэр Маришка кыратыгар ийэлээх аҕатын кытта түспүт хаартысканы көрдөрдүлэр. Онно сырдык мичээрдээх, ыраас хааннаах кырачаан кыыһы түһэхтэригэр олордубуттарын көрөн, дьэ өйдүүр ийэтин убайа Маришка төрөппүт аҕата буоларын…
Миичик биирдэ өйдөммүтэ таһырдьа турар эбит. Дьоллоох Дьокуускай куорат киэһээҥҥи сөрүүн салгынын түөһүгэр толору эҕирийэн, арыыйда чэпчииргэ дылы гынна. Ол эрээри бу аҕыйах хонук иһигэр түргэнник уларыйа охсубут олоҕун кылгас кэрчигин өйүнэн-санаатынан, эт мэйиитинэн ылыныан баҕарбата. Хайдах Маришка кини балта, уруу-хаан аймаҕа буолуой? Эс, син биир киһи итэҕэйбэт…
Миичик чугас турар киоска диэки эрчимнээхтик хардыылата. Сиэбиттэн аҕыйах мөһөөхтөөҕүнэн хаа табаҕы уонна биир улахан иһиттээх пиибэни атыыласта.
Онтон ыла күн-дьыл Миичиктээх Маришкаттан ыйыппакка бэйэтин киэлитинэн оргууй устан истэ. Арай биир үтүө күн Миичик уопсайтан арыгылаан, охсуһан үүрүллүбүтүн, сааскы сессиятын саппатаҕын таһынан, биир да күн үөрэнэ кэлбэтэҕин туһунан Маришкаҕа дьүөгэтэ Аанчык, этэрбэс араадьыйатын туһанан, сурах хоту кэпсии оҕуста. Маришка эмиэ санааҕа ылларда. Убайыгар хайдах эмэ көмөлөһүөн санаталаата.
Биир киэһэ сыал-сорук оҥостон «саҥа» аймахтарыгар тиийдэ. Бэрт эрэйинэн дьиэлэрин булла. Үнүрүүн массыынанан сылдьыбыта да, саатар, суолун-ииһин быһа-таһы умнан кэбиспит. Биэс этээстээх таас дьиэҕэ кэлбитэ утары тимир домофон тоҥуйдук көрүстэ. Онуоха эбии квартиратын нүөмэрин чопчу билбэт. Хайдах киирэрин мунаара сатыы турдаҕына, хата, ыт оҕотун уһун быанан сиэтэ сылдьар кыра саастаах нуучча кыыһа тахсан биэрдэ. Түгэнинэн туһанан, Маришка иһирдьэ сылыпыс гынна. Сэрэнэн үктэнэн үһүс этээскэ таҕыста уонна хаҥас өттүгэр баар аан звоногун баттаата. Квартиратын 33-с нүөмэрдээҕин дьэ өйдөөн көрдө. Хаста да баттаабытын кэннэ тимир күлүүс хачыгырайа түһээт, дьэ аһылынна. Кыырыктыйбыт баттахтаах, сонос эрээри билигин да үтүө сэбэрэтин сүтэрэ илик саастаах эмээхсин иһирдьэттэн сыапка олуйуллубут аан нөҥүө кылайан көрөн баран, дьиктиргээбиттии Маришканы өр одууласта.