Таптыыбын… Шёпот сердца… - стр. 26
Эмискэ Миичик төбөтүгэр бэҕэһээҥҥи күн киинэ лиэнтэтин курдук онон-манан быста-быста, одоҥ-додоҥ элэҥнээн ааста. Бастаан Бүөккэлиин кыргыттар куһаҕаннарын, үөннээхтэрин, ол быыһыгар Маришка акаарытын ырытан эрэр этилэрэ. Дэлби чэпчээн хаалбыт курдуга. Онтон аны топпотох аатыран, биирдэ өйдөммүтэ маҕаһыыҥҥа турар эбит. Эмиэ да уопсайга киирэ сатаан тугу эрэ дакаастыы турар этэ, бадаҕа. Вахтёрдаах комендант дьэс алтанын курдук кыыһыран, айахтара кытарымтыйа умайыктанан эрэрэ көстөргө дылы… Салгыы кимниин эрэ охсуһан эрэр этэ дуу, тугу эрэ тоҕута сынньар этэ дуу, хайдах этэй? Оо, отой өйдөөбөт буоллаҕа. Эмиэ да кимниин эрэ уолуктаһан эрэр быһыылааҕа… Дьэ дьаабы быһыы буолбут бадахтаах… Аны арыгы иһиэ суохпун, кэбис.
– Мичил Харахутов, таҕыс, – диэн тыйыс, суон куолас иһилиннэ.
Миичик аат эрэ харата нэһиилэ тымныы эркинтэн тирэнэн турда. Бүтүннүү бадараан буолбут быата суох бачыыҥкатын булан, кэтэ сатыы турдаҕына:
– Харахутов, айгыста туруоҥ дуо?! Хамсанан ис, бэҕэһээ киэптиириҥ, киэбирэриҥ бэрт этэ дии, – диэн формалаах милииссийэ ыххайбытынан барда.
Миичик соһуйда, ол быыһыгар олус кыбыһынна. Хаһан даҕаны манныкка түбэспэтэҕин дьэ итэҕэйдэ. Хантан күүс-сэниэ ылбыта эбитэ буолла, хап-сабар тахсар аан диэки хардыылаата. Ол быыһыгар «бу барыта түүл, сотору уһуктуом» диэн бүччүм санаалаах формалаах киһини батыһан истэ.
Сотору-сотору күлүүс тыаһа хачыгырыыр, ыарахан ыйааһыннаах тимир аан аһыллан кыыкыныыра иһиллэр. Миичик букатын манныгы киинэҕэ эрэ көрбүт буолан, хаайыы амырыын сытын отой сөбүлээбэтэ. Бу иһэн: «Билигин таһаараллара буолуо, Бүөккэҕэ кэпсээтэхпинэ, арааһа, итэҕэйиэ суоҕа», – дии саныы-саныы мас ааннаах хоско кэллилэр. Кинини арыаллааччы милииссийэ ааны тоҥсуйда.
Миичик син сырдык, ол эрээри барыта быылынан, кумааҕынан «көмүллүбүт» кыараҕас хосхо киирэн, күөх формалаах, саас ортолоох киһи иннигэр кыһыл бүрүөһүннээх остуол аттыгар атахтарыгар туорайдаах олоппоско олордо.
Милииссийэ Миичиги чочумча одуулаан олордо, онтон биир тыынынан:
– Дьэ, табаарыс Харахутов, хас саастаах ыччаккыный, ханна үөрэнэҕиний? – диэн ыйытта.
– Сааһым сүүрбэ, историк идэтигэр, СГУ-га үөрэнэбин, – киэн туттардыы Миичик хоруйдаата.
– Сөп, дьэ үрдүк үөрэххэ үөрэнэр, инникитин педагог буолар баҕалаах эрээригин тоҕо арыгыны иһэҕин уонна хаһааҥҥыттан амсайар буолбуккунуй?
– Арыгыны да? Бэҕэһээ бастакыбын боруобалаатым.
– Эс, ама дуу? Устудьуоннар иһэллэрэ-аһыыллара уруккуттан баар суол. Ийэҕин, аҕаҕын итинник албыннаа! – Пётр Петрович куолаһа дьиппинийэн барда.
– Кырдьык, бэҕэһээ бастакыбын боруобалаабытым, итэҕэйбэт буоллаххытына бииргэ олорор уолум Бүөккэ Ракитинтан ыйытыҥ, – Миичик, кырдьыгын балыйтаран эрэрин сэрэйбиттии, өрөсүһэ-өрөсүһэ саҥарда.