Размер шрифта
-
+

Таптыыбын… Шёпот сердца… - стр. 28

* * *

Маришкалаах Аанчык бүгүн, баскыһыанньаны өрөбүл күн диэбэккэ, эрдэ уһугуннулар. Миичик кэлэн айдааран-куйдааран, түннүктэрин тоҕута сынньыаҕыттан 3 эрэ хонук ааста. Маришка эмиэ да бэйэтин буруйданар курдук. Барыта хайдах эрэ. Аанчык Миичиги акаары, арыгыһыт, атаах эбит диэн наар дьүөгэтин өйдөтө сатыыр. Дьиҥэр, хара маҥнайгыттан Миичиги тэйитиэхтээх эбит, эрэл кыымын сахпакка. Ийэтэ куруук «Дьону хаһан да сэнээбэт, атаҕастаабат буол. Туох барыта сэттээх-сэмэлээх. Киһи эйиэхэ киһилии сыһыаннаһар буоллаҕына тэйиппэт буол» диэн такайыыта дьайбыта эбитэ дуу?

Сарсыардааҥҥы чуумпуну үрэйэн, чэпчэки атах тыаһа уопсай синньигэс көрүдүөрүнэн тоһугураан кэллэ уонна ала-чуо кинилэр ааннарыгар тохтоон, тоҥсуйан тобугуратта. Онтон кыргыттар «даа-даа» диэн хаһыыларын кэннилэриттэн ааннарын аргыый сэгэтэн, Маришка ханна эрэ көрбүт эдэр дьахтара киирэн кэллэ. Ол эрээри, омос көрдөххө, эмиэ да эдэркээн кыыска маарынныыр курдук нарын быһыылаах, кэрэ сэбэрэлээх саас ортолоох дьахтар буоларын саҥатыттан тута сэрэйдилэр.

– Үтүө күнүнэн. Бырастыы гыныҥ, сэрэтиитэ суох соһуччу кэлбиппэр.

Дьахтар харда хоруй көрдөөбөккө, аан аттыгар турар олоппоско олордо.

– Мин Мичил ийэтэбин, Мария Ивановна диэммин. Эһиги кини тугу гыммытын билэҕит. Чэ, онон ырааҕынан эргитэ барбаппын. Оҕом үйэтигэр арыгы диэни амсайбатаҕа. Маннык быһыы-майгы буолбутуттан биһиги, чугас дьоно уонна аймахтара, олус айманныбыт. Онно эһиги эмиэ буруйдааххыт. Уолбун оннукка тиэрдибиккит. Ыраас тапталын сыыска-буорга тэпсибиккит. Ону туох… туохха кэллим. Эһиги оҕобор үтүөнү эрэ баҕарар буоллаххытына, сайабылыанньаҕытын төттөрү ылыҥ. Мин харчы да биэриэм этэ. Күҥҥэ көрбүт соҕотох чыычаахпын бу айылаах… – диэн баран, дьахтар уйа-хайа суох ытаан барда.

Дьахтар ыстакааннаах ууну омуннаахтык омурдан, арыый уоскуйа быһыытыйда. Иһитин остуолга төттөрү уураат, махтанар диэни да билбэккэ, дьүһүнэ уларыйа оҕуста, дьэбир, дьиппиэн көрүҥнэннэ. Кыргыттары өһүөннээх хараҕынан иккиэннэрин биир-биир өтөрү-батары көрөттөөтө. Онтон хараҕын Маришкаттан араарбакка эрэ:

– Эн дуо, Марина?

– Мин… – диэтэ Маришка аат эрэ харата.

– Мин буолан… Балыгы сиэбэтэх куоска курдук ньылбыйан олороҕун. Дьон олоҕунан оонньуурум сыыһа диэбэккин дуу? – дьахтар тыйыстык ыйытта. Бу кэмҥэ дьахтар хараҕа уоттанан, уостуун-хаастыын уһуктанан, мунна кырыыланан, сүтүк бааһа сирэйигэр ойууланан олус дьулаан көрүҥнэннэ.

– Бээ эрэ, эн тоҕо тута Маришканы буруйдуугун? Миичиги кини арыгылаппыт үһү дуо? Маришка кинини таптаабат, ону хайдах гыныай?! Биитэр хара күүскүтүнэн таптатаары гынаҕыт дуу?! – диэн айаҕа умайыктаммытын Аанчык бэйэтэ да кулгааҕа эрэ истэн хаалла.

Страница 28