Размер шрифта
-
+

Таптыыбын… Шёпот сердца… - стр. 2

Бүгүн да ол үгэс кэhиллибэтэ. Киэhээҥҥи астарын иҥэринэ түһээт, били олбохторугар тахсан олордулар. Кыыстара Вера верандаҕа аhаабыт иhити хомуйан тилигириир-талыгырыыр. Дьүөгэлэрин кытта хаамса бараары ыксал бөҕө. Эбэлэрэ сыппыта ыраатта, кини эрдэ сытар, эрдэ турар үгэстээх.

– Хатыай, аргыый тилигирээ эрэ! Биир да иhити ордорумаары гынна! – Кэтириис, мөҕүттүбүтэ буола-буола, былаатынан көлөhүнүн соттор. Киирэн эрэр күн саhарҕатын одуулуу олорон эригэр эргиллэр:

– Доҕоор, отуҥ үлэтэ улахана бүттэ дии. Сарсын Вера биhиккини Балаҕаннаах өтөҕөр быраҕан биэрбэккин ээ? Дьэдьэннээн көрүллүө этэ. Дьахталлар күн аайы суксуруhуу бөҕө. Дьэдьэни кыайдылар быhыылаах. Уйбаан Огдоото бэҕэhээ туох баар дьонун хомуйан, аҕыйах кэм иһигэр биир биэдэрэлээх киирбит диэтилэр…

– Оо, барахсаттар! Ол 3 киилэлээх оҕо биэдэрэтин 10-наах биэдэрэ курдук кэпсээтэхтэрэ ээ. Ол ыы-кырбас биэстээх-алталаах уу ньыдьыраан аармыйата хомуйбута диэхтээн, – Бүөтүр мас сыыhынан тииhин быыhын анньына-анньына күлэн күһүгүрэтэр.

– Ити кэннэ кэпсээн абыран! Эйиэнэ барыта киhиттэн таhынан… Уонна кыhын барыанньа сиэн дэлбэрийэргэр атын буолуоІ!

– Сөп, сөп! Быраҕыллыа, тугу гынаргыт баарай? Таарыйа Хомустааҕым күрүөтүн тутан кэбиhиэм этэ, сылгы үөрэ була илигинэ.

– Хата, инньэ диэ.

Өссө тугу быhаарсабыт диэбиттии саҥата суох өр олорбохтоотулар.

Ити кэмҥэ тиэргэҥҥэ киирэр олбуор аана кыыкынаан аhыллара иhилиннэ. Чуумпура сыппыт Баатыр ойон тураат, үрэн баргыйа-баргыйа, аан диэки ыстанна.

– Чот! Бу ыт киhини сиэри гынна?! Киэр буол!.. Бачча хойут киммитин аҕалла? – Кэтириинэ чарапчылана-чарапчылана аан диэки кыҥастаста.

Аан айаҕар уhун курбуу уҥуохтаах, аҥаар санныгар үрүсээк сүгэhэрдээх эдэр уол киириэхчэ буола-буола, ыттан куттанан, аантан тутуhан турар.

– Васильевтар манна олороллор дуо? – диэн хаhыытаан ыйытта.

– Манна, манна! Киир, киир! Ити ыт ытырбат, хаhаайымсыйбыта буолар! – Бүөтүр туран, ытын дьарыйа-дьарыйа, уолга утары барда, Кэтириис, билиэн-көрүөн баҕата баппакка, сыыhа-халты үктэнэн кэнниттэн түhүстэ.

– Дорооболоруҥ! – уол иhирдьэ атыллаата, Бүөтүргэ илиитин уунна. Эр дьон кытаанахтык илии тутустулар. Уол тургутардыы Кэтириистээх Бүөтүрү хардары-таары көрдө уонна:

– Мин Дьулус Баhылайап диэммин, – диэтэ.

– Хайаларын оҕото эбитиҥ буолла? Хараҕым сөбүлүү көрөр да билимээри турабын, – диэн Кэтириис саарбахтаабыттыы унаарытта.

Уол дириҥник үөhэ тыынна уонна, аны истиэхтэрэ суоҕа диэбиттии, өрүсүһэн биир тыынынан кутан кэбистэ:

– Мин Пётр Игнатьевич оҕото үһүбүн. Миигин ийэм аҕаҕын булаар диэбитэ, ол иhин кэллим!

Страница 2