Размер шрифта
-
+

Таптыыбын… Шёпот сердца… - стр. 4

Уол сирэйэ куhаҕан буолбутун көрөн, Вера ааhан иhэн уол үрүсээгин хап гынан ылла, аҕатын утары олоппоско «олор» диэн имнэннэ, үрүсээги илдьэн таҥас ыйыырга ыйаан кэбистэ. Дьулус илиилэрин, ханна гыныаҕын билбэккэ, нэлэІнэттэ уонна ыйбыт олоппосторугар олороругар тиийдэ.

Кэмниэ кэнэҕэс бары оннуларын булан олордулар, ол тухары саҥа-иҥэ суох. Ким да саҥарбатыттан бэркиhээн эбитэ дуу, дьаhайар санаатын батарбакка дуу Кэтириис бастакынан тыл ыhыгынна:

– Хайа, айан киhитэ, сылайбытыҥ буолуо?! Итиитэ киллэрин уонна оттон… туох сыаллаах-соруктаах кэлбиккин тоҕо тэбээн кэбис!

Уол иэдэстэриттэн саҕалаан сыыйа кулгаахтарыгар тиийэ кытар гынна, сыпсырыйбыт чэйин тыастаахтык ыйыстан кылк гыннарда, чааскытын төттөрү ууран, илиитин холбуу тутунна уонна тарбахтарын имитэ-имитэ, быhыта-орута кэпсээбитинэн барда:

– Мин Дьулус Васильев диэммин. Мединститукка иккис кууруска үөрэнэбин. Ол иннинэ медколледжы бүтэрбитим. Ийэбинэн Бүлүүбүн. Кини бу саас суох буолаахтаабыта, тиһэх көрсүһүүбүтүгэр хайаан да аҕаҕын булаар диэн тылбын ылбыта уонна маны биэрээр диэбитэ… – Дьулус ырбаахытын сиэбиттэн кумааҕыга сууламмыты ылан Бүөтүргэ уунна.

Бүөтүр тоҕо эрэ илиитин утары ууммата, буруйдаммыттыы умса көрдө, илиитин остуол анныгар симтэ.

Дьулус илиитэ салгыҥҥа ыйанан хаалла, төттөрү тардыах курдук буолан эрдэҕинэ, Вера эhэ тардан ылла уонна харса суох аhан хачыгыратан барда. Дьулус, былдьаhыахча буолан иhэн, сапсыйан кэбистэ, буолар буоллун диэбиттии олоппоhугар сэниэтэ суохтук төттөрү олордо.

Вера кумааҕыттан бастаан оҕону көтөҕөн олорор дьахтар хаартыскатын ороон таhаарда:

– Ыы, быллайа-быллайа, бу эн дуо? Эп-эмис эбиккин дии? Оттон бу ийэҥ дуо? Отой кырасаабысса эбит дии, суhуоҕа уhуну-ун! Уой, бу кимий? Аҕаа дии… Эдэр баҕайы, куударалаахпын диир. Маама, бу, көр! – Вера хаартыскалары ийэтигэр үҥүлүттэ, бэйэтэ суругу тэнитэн ааҕан барда:

«Күндү Петя! Бука баhаалыста баалаабаккар көрдөhөбүн! Олоҕум тиhэх мүнүүтэтигэр эн ааккын ааттаан, эйиэхэ эрэ эрэнэн бу Орто дойдуттан баран эрдэҕим…»

Тугу да саҥарбакка истэн олорбут Кэтириис кыыhыттан суругу хаба тардан ылла, тутан олорбут хаартыскаларын холбуу тутаат, эригэр куду аста уонна кыыhын харытыттан харбаан ылаат, дэллэритэн илдьэн таhырдьа таһаарда, кэнниттэн түүппүлэлэрин кыыратта уонна:

– Эн бар, күүлэйдээн кэл! – диэн хаhыытаата.

– Ханна-а? – Вера барыан баҕарбатын биллэриэхчэ буолбутун ийэтэ хараҕынан кынчыатаан, саҥарыахтааҕар саҥарбатах оҥордо. Вера, кэннин хайыhа-хайыhа, олбуор диэки дайбаата, уулуссаҕа тахсан өр күүттэрбит дьүөгэлэрин кытта аймалаhан, саҥаларын дорҕооно ыраатан, сүтэн хаалла.

Страница 4