Размер шрифта
-
+

Саамай күндү бэлэх - стр. 2

Аҕалбыт баайын барытын убайыгар биэрэн баран, бэйэтэ карнайын ылан эмиэ айанныы барар. Бырааһынньыктарга, урууларга карнайынан оонньуу-оонньуу кишлактан кишлакка, биир куоракка тиийэн кэлиэр диэри, баран испит. Ити куорат санаа-оноо баттаабыт дьонноох куорат буолан биэрэр. Уол биир ааһан иһэр киһиттэн тоҕо манныгын ыйыппыт, онуоха киһи эппит:

– Биһиги ыраахтааҕыбыт суос-соҕотох кыыстаах. Кини ыалдьыбыта ыраатта: айаҕар тугу да ылбат, кэпсэппэт, күлбэт-үөрбэт. Ол иһин ыраахтааҕы баһылаан олорор сиригэр ырыаны-тойугу, күлүүнү-оонньууну, көрү-нары бобон турар. Ыраахтааҕы кини кыыһын үтүөрдүбүт киһиэхэ баайын аҥаарын биэриэх буолар. Арааһынай биллиилээх эмчиттэр, отоһуттар бөҕө эмтии сатаатылар да, кыайбатылар.

Итини истээт, уол дыбарыаска киирэн ыраахтааҕыга:

– Мин эһиги кыыскытын эмтээн үтүөрдүөм этэ, – диир.

Ыраахтааҕы уолу кыыһа сытар сиригэр киллэрэр. Уол бары тахсалларыгар көрдөһөр уонна карнайынан оонньуур. Кыыһы харабыллыыр көстүбэт абааһылар куттанан сырсан хаалаллар да, кыыс үтүөрэн күлэр-оонньуур буола түһэр.

Ыраахтааҕы үөрэн уолу ыҥыран ылар, баайын аҥаарын биэрэ сатыыр да, уол ылбат. Ол оннугар музыка, ырыа диэни истибэтэхтэрэ ырааппыт куорат олохтоохторугар карнайынан оонньуурга көрдөһөр.

Ыраахтааҕы кыыһа үтүөрбүтүн туһунан сурах бэрт сотору сири-дойдуну тилийэ көтөр. Ыраахтан-чугастан ыраахтааҕы уолаттара кыыһы кэргэн кэпсэтэ кэл да кэл буолбуттар. Оттон кыыс, карнайдаах уолу таптаан, ол дьоҥҥо аккаастаан испит.

– Чыычааҕыам, – диэбит ыраахтааҕы кыыһыгар, – мин кырыйдым, солбуйар уол оҕом суох. Троммун тутар, эйиэхэ холоонноох кэргэн буолар эдэр киһиҥ аатын эт.

– Аҕаа, – диэбит кыыс, – мин бэйэм талан ылыахпын, бас билэр сириҥ эдэр эр дьонун барыларын дыбарыаһым аттынан ааһалларыгар бирикээстэ…

Ыраахтааҕы сөбүлэспит. Кини бирикээһинэн, дыбарыас таһынан үтүөлэр бөҕөлөр ааспыттар да, кыыс биир да киһини талан ылбатах.

– Ким эмэ өссө хаалла дуо? – диэн ыраахтааҕы ыйыппыт.

– Карнайга оонньуур дьадаҥы уолтан ураты бары аастылар, – диэбит харабыл.

Ыраахтааҕы уолу ыҥыртаран ыйыппыт:

– Эн дыбарыас иннинэн тоҕо ааспатыҥ?

Уол эппит:

– Кыыс көрөн турдаҕына, саамай биллиилээх, баай күтүөттэр кэлэн аастылар да, кини бэл олорго аккаастаата. Оттон мин дьадаҥыбын, карнайга оонньооччубун эрэ. Ити ыраахтааҕы уолаттарыгар тэҥнэһэр кыаҕым суох.

Ыраахтааҕы итини истэ да барбакка, дыбарыаска кэлэригэр соруйбут. Уол ыраахтааҕы түннүгүн аннынан ааһан истэҕинэ, кыыс сибэкки быраҕан биэрбит.

Түөрт уон күннээх түүнү быһа ыраахтааҕы кыыһа карнайга оонньуур дьадаҥы уоллуун холбоһор уруулара ньиргийбит. Ол кэнниттэн уоллаах кыыс дьоллоохтук-соргулаахтык бэрт өр олорбуттар.

Страница 2