Размер шрифта
-
+

Саамай күндү бэлэх - стр. 4

Дьиэлээхтэр олбуордарын аанын аһан, тэлгэһэҕэ киллэрбиттэр. Плов минньигэс сыта дыргыйар эбит. Дьиэлээхтэр Холматы остуолга ыҥырбатахтар. Сарсыарда эрдэ, халлаан саҥа суһуктуйа сырдыыта, туруоран уолу утаарбыттар, лэппиэскэ тоорохойун да өйүөлээбэтэхтэр.

Хонуу куйаарга күн күндэлэстиир, от көҕөрө чэлгийэр. Үөһэ халлааҥҥа күөрэгэйдэр ыллыыллар. Курупааскы мэник оҕолорун ыҥырар, кобра ыарҕа анныгар сэппэрээк салаата буолан кубулунан сытар. Элбэх дьиктини көрөн, Холмат хомолтотун умнан кэбиспит.

Күн эмиэ киирбит, улам боруоран, устунан хараҥарбыт. Хонуу куйаарга эмиэ бөрөлөр улуйбуттар.

Холмат хабыс-хараҥаҕа улахан дьиэ таһыгар тиийэн кэлбит. Көрбүтэ: дьиэтэ туох да киирбэт бүтэй олбуордаах, халыҥ аана күлүүс хатааһыннаах. Өр да өр тоҥсуйбут да, дьиэлээхтэр кыһамматахтар. Онтон кэмниэ кэнэҕэс:

– Туох абааһыта кэлэн дарбыйдыҥ? – диэн ыйыппыттар.

– Дьиэлээхтэр, хонноро киллэриҥ эрэ!

– Суолга да хонуоҥ!

– Куттанабын, бөрөлөр улуйаллар!

– Бөрөттөн куттанар буоллаххына, дьиэҕэр олоруоҥ этэ.

– Мин буутайбын тэллэниэм, ыҥыырбын сыттаныам…

– Олбуор да таһыгар оннук утуйдаҕыҥ дии! – диэтилэр олбуор иһиттэн.

Эмискэ Холмат эр санаата киирбит: «Баайдарга хонуохтааҕар хонуу куйаарга хоммут ордук», – дии санаабыт.

Уол ыллыы-ыллыы атын туос бөтөрөҥүнэн түһэрэ турбут. Онтон ыраах тырымныы умайар уоту көрбүт…

Былыргы дьыл быдан мындаатыгар унньуктаах уһун айаҥҥа сылдьан Холмат диэн эр бэрдэ түбэһэ сылдьыбыт түбэлтэтэ итинник.

ӨЛБӨТ МЭҤЭ УУТА

Былыыр-былыр икки муостаах Искандер ыраахтааҕы аан дойдуну бүтүннүүтүн сэриилээн ылбыта үһү. Биир походка сылдьан бааһыран өлөрө чугаһаабытын билбит. Искандер саамай бастыҥ эмчиттэрин ыҥыртаран ылан эппит:

– Өлөр күнүм кэллэ, оттон өлүөхпүн баҕарбаппын. Сэриилээн ылбыт дойдуларбар мэлдьи ыраахтааҕылаан, өлбөккө олоруохпун баҕарабын. Үйэбин уһатар эмтэ булуҥ!

Саамай муударай өйдөөхтөрө, биллиилээх эмчиттэр өр толкуйдаан баран, ыраах сир уһугар баар, сир анныттан тыган тахсар өлбөт мэҥэ уутун булларан иһэригэр сүбэлээбиттэр. «Сир анныттан тахсар ууну испит киһи өлбөт үһү», – дэспиттэр.

Искандер ити сүбэни ылынан, наһыылкаҕа тиэйтэрэн саамай быһый саллааттарынан өлбөт мэҥэ уута тахсар сиригэр илтэрбит.

Өлбөт мэҥэ уута тахсар сирэ күлүктээх тымныы ойуур иһинэн сүүрдэр эбит. Хойуу лабаалаах мастар күн уота тыгарыттан хаххалыыллар, хатыылаах, хойуу сэппэрээктэр күүстээх кураан тыала супту үрэриттэн харыстыыллар эбит.

Саллааттар ыраахтааҕыларын өлбөт мэҥэ уута сүүрдэр сирин таһыгар аҕалан хаалларан баран, бэйэлэрэ барбыттар.

Искандер өйдөнөн кэлбит, кыһыл көмүс хомуоһунан өлбөт мэҥэ уутун баспыт, уоһугар тиэрдиэн икки ардыгар иннигэр уҥуох-тирии нүксүгүр оҕонньор баар буола түспүт.

Страница 4