Размер шрифта
-
+

Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь - стр. 63

КЫҺАМНЬЫ (кыһаныы) проявление заботы; старание, усердие.

КЫҺЫЫ I (кыһар) кыс строгать (стружки); кэһээ скоблить (соскоб); скрести, выскабливать.

КЫҺЫЫ II (кыһыйар) зуд; кыһый чесаться, зудиться; кыһыт вызывать зуд; вызывать досаду; кыһыылаах досадный; азартный; кыһыылаах баҕайы очень досадно; кыһыы-аба раздражение, досада; кыһый-абар (абалан) раздражаться, досадовать.

КЫҺЫЛ красный, алый; уот кыһыл красный, өһөх кыһыл багровый; кыһыл көмүс золото; кыһыл талах краснотал; кыһыл тыл пустословие; кытар становиться красным; кытархай красноватый.

КЫҺЫН 1. зима, зимою; 2. см. кыс II: скрести, скоблить у себя.

КЫЫҺЫР сердиться, злиться, гневаться; абар беситься; кыйын раздражаться; кыыһырымтаҕай, кыыһырымтыа сердитый, гневный; кыыһырбычча в гневе, со злости.

КЫТАҔАС большие кузнечные клещи (ытарча).

КЫТАЛЫК стерх, белый журавль.

КЫТААНАХ I твёрдый, крепкий, жёсткий; мас орон жёсткая кровать.

КЫТААНАХ II 1. суровый, суостаах строгий; 2. трудный, затруднительный; кытаанах боппуруос трудный вопрос; 3. сильный, крепкий; кытаанах санаа сильная воля.

КЫТАР 1. становиться красным, краснеть, кытар гын покраснеть; кытаран көһүн краснеть, алеть; 2. уокка кытар накаляться, раскаляться; кытарар былдьаата эвфем.: в огне сгорело.

КЫТАРАХ (баайтаһын) яловая, пр. пол. буос, уулаах, кэс.

КЫТААТ I сделаться твёрдым, крепким, жёстким; муус кытааппыт лёд стал крепким.

КЫТААТ II тулуй терпеть, крепиться; эрдий мужаться.

КЫТАХ большая деревянная чаша; миска; кытыйа чаша средней величины; алтаннаах кытыйа чашка с медным ободком.

КЫТААХТАА щипать, прищемлять; тыҥырахтаа хватать когтями (о птице); кымаах щипок; кымыстаа ущипнуть.

КЫТТА послелог: с, вместе; миигин кытта со мной; кытта төрөөбүтүм родной брат; кыттыгас соучастник, сообщник.

КЫТТЫГАС (кыттыһааччы) участник, напарник, пайщик, компаньон; артель, товарищество; кыттыһыннар, кытыар приобщать, привлекать, причислять, допускать.

КЫТЫГЫРАС быстроногий, резвый, шустрый.

КЫТЫЛ берег, побережье; долина реки.

КЫТЫТ кобылица 3–4 лет.

КЫТЫАН кытыан уга, отоно можжевельник.

КЫТЫАҺЫН (кытыастар) взвиваться (об огне), разгореться, пламенеть.

КЫЧЫГЫЛАТ щекотать; кычыгылан бояться щекотки.

КЫЧЫМ вышитые боковые части чепрака.

КЫЫЧЫРҔАА скрипеть, кыычырҕас, кыычыгырас скрипучий; хаарга кыычыргыыр скрипит на снегу.

КЫА 1. трут для высекания огня; 2. кыа хаан кровь из внутренних органов, артериальная кровь (кырааска).

КЫАБАКА металлическая цепь; кыабакалаах ыстаан женские кожаные трусы с цепочкой; кыабака симэҕэ металлические подвески на трусах.

КЫАЙ (хот) мочь, осиливать; побеждать, одолевать; превозмогать, преодолевать, пересиливать, одерживать верх;

Страница 63