Размер шрифта
-
+

Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь - стр. 48

идти бы туда; киһи куттаныах страшно; киһи саатыах к стыду; киһи хомойуох к сожалению; киһи да күлэр смешно; киһи эрэ буоллар всё-таки.

КИҺИЙДЭХ бран. непутёвый, дрянной человек; киһийдээн потерявший человеческий облик.

КИҺИРГЭЭ хвастаться, хвалиться; чабылан бахваляться; киһиргэт захваливать; киһиргэс хвастун.

КИЧЭЙ (кыһан, кытаат, эллэс) делать старательно, тщательно, усердно, делать с рвением; сберегать, экономить; кичээҥи бережливый, рачительный; кичэл туттуу качественная работа.

КИЭБИР важничать, кичиться, заноситься, хвалиться; вести себя высокомерно; киэмсий прихорашиваться, наряжаться; щеголять; киэбириҥсэ любящий кичиться, заноситься.

КИЭЛИ 1. брюхо; утроба, матка; 2. большая ёмкость, кэмэ-киэлитэ биллибэт безмерный; Ийэ дойдубут киэҥ киэлитэ широкие просторы нашей Родины.

КИЭН тутун гордиться; аатыр славиться; быть уважаемым, почитаемым; киэн туттуу гордость, слава; киэн туттан с гордостью.

КИЭҤ киэҥ-куоҥ широкий, просторный; обширный; киэҥ-холку свободный; киэҥэ ширина; простор, пространство, протяжение; киэҥ көҕүс выдержка, терпение, великодушие, жизненная мудрость.

КИЭП 1. форма, образец; выкройка; 2. вид, образ, обличие; 3. грам. наклонение глагола; киэптээ давать форму, вид; киэптээн киир вмещаться с трудом, заполнять, переполнять; киэптии кэт растягивать, напяливать; киэптэн приобретать, иметь форму.

КИЭР 1. межд. киэр бар, киэр буол вон отсюда, прочь, долой; 2. вспом. сл. прочь; киэр бырах выбросить, киэр хайыс отвернуться, киэр гын убрать.

КИЭРГЭЛ украшение, наряд; убор, убранство, великолепие; киэргэмсэх любящий наряды; модница, франт, щёголь (силээхтэ); киэргэт украшать; киэргэн наряжаться; киэргэллээх нарядный; киэргэммит украшенный, убранный.

КИЭҺЭ вечер, вечером; күн киэһэрдэ вечереет; киэһэлик к вечеру, под вечер.

КОТОКУ ласк. голубчик; бедняжка, бедненький.

КӨБДӨРКӨЙ рыхлый, пористый.

КӨБДЬҮӨРҮЙ говорить громко, крикливо; көбүөлээ кричать, громко бранить.

КӨБҮӨР 1. сливочное масло, взбитое с молоком; 2. настенный ковёр; көбүөр суорҕан тонкое одеяло.

КӨБҮӨХТЭЭ вздыматься, колыхаться; тяжело дышать, запыхаться.

КӨӨБҮЛ эрбии көөбүлэ опилки; эмэх труха; ходуул сенные опилки.

КӨҔӨН утка, кряква (селезень).

КӨҔӨР зеленеть; синеть, голубеть; от-мас көҕөрдө зелень распустилась; көҕөр-наҕар цвести, процветать; көҕөрбүт получил синяк.

КӨҔҮЙ 1. быть увлечённым (чужим примером), подражать; 2. возбуждаться, соблазняться; көҕүлээ подавать пример, увлекать; көҕүлээччи инициатор, вдохновитель; көҕүт возбуждать, соблазнять.

КӨҔҮЛ волосы на лбу, чёлка; чуб, чупрун, хохол (

Страница 48