Размер шрифта
-
+

Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь - стр. 19

не даёт времени обдумать.

БАТААХ үтүөх-батаах на побегушках.

БАТТАА I давить, нажимать; угнетать, притеснять; обижать, попирать (ык, атаҕастаа); баттал, баттабыл угнетение, притеснение, несправедливость, иго; баттал-үктэл насилие.

БАТТАА II заставать; үлэ чааһын баттаһа застать в рабочее время, дьиэтигэр баттыы тиий встречать дома.

БАТТАХ 1. волос; ас волосы; өрүүлээх баттах коса, сүүһүгэр саба түспүт баттах чёлка, хойуу баттах шевелюра; 2. головной мех; куобах баттаҕа, кус баттаҕа; бас-баттах тыллаһыма не говори напрасно, зря.

БАТТЫГАС баттааһын давление; баттыгастаах несправедливый, обидный; баттык тяжесть, груз, гнёт, подпорка, накладка; баттыктаах придавленный грузом, подпёртый; баттыктаах тайах костыль.

БАТЫГЫРАА (сүүрэн) быстро бежать, сильно топая ногами; батыччахтаа с трудом передвигаться по вязкой почве.

БААТЫР 1. доблестный, мужественный, смелый, сильный, ловкий; силач, боец; витязь; 2. приставка к собственному имени Айдаан-баатыр.

БАТЫС I идти; сайыс хотеть ехать за другим; сонордоо преследовать, гоняться; тутус следовать примеру, обычаю; батыһааччы последователь; держаться; өрүһү батыһа бар идти вдоль реки; батыһа сырыт ходить по пятам.

БАТЫС II ладить, уживаться; уолунуун батыспатылар не поладили с сыном.

БАХСЫ хозяйка, дьиэ бахсыта (хотун) часть сложного имени.

БАХТАЙ бран. провалиться, запропаститься, гибнуть; кэбэлий убираться.

БАЧАХ межд. испуг; что это такое!

БАЧАХАЙ-ичэхэй неразборчиво; бачахай неправильные узоры, пачкотня; бачаачай неразборчивое письмо, некачественная работа; хозяйничать по-своему.

БАЧЧА столько, как это; столь, столько; бачча элбэх вот столько много, бачча күүскэ так сильно, бачча тухары до сих пор.

БААЧЧАЙ запутывать быаны бааччайан кэбис.

БААЧЧЫ част. быһа-бааччы непременно; быр-бааччы сытно; илэ-бааччы въявь; тута-бааччы тотчас; чахчы-бааччы воистину.

БАЧЧЫР оҕо ребёнок 6–7 месяцев, умеющий крепко хватать.

БААЧЫ бааччы меховая опояска; бандаж (грыжевой); безрукавка.

БАЧЫГЫРАС I густо расположенный; бачыгырас дьиэ, бачыгырас ойуу.

БАЧЫГЫРАС II тыас треск сухих дров в печи.

БАЧЫМАХ беспорядочная куча; халлааҥҥа бачымах сулустар кучи звёзд на небе.

БИИ I старший по годам (о мужчине); ини-бии, убай-быраат кровные братья.

БИИ II остриё, острая сторона, быһах биитэ лезвие; биилээ точить, заострять; биилээх холодное оружие.

БИГЭ крепкий, прочный; бигэргэт подтверждать, принимать, утверждать, заверять; уураах бигэргэтилиннэ постановление принято; бигэтик твёрдо, уверенно.

БИГЭЭ (чинчилээ) ощупывать, осязать; оҕону бигээ укачивать дитя.

БИДИЛГЭХТЭЭ (

Страница 19