Размер шрифта
-
+

Таптыыбын… Шёпот сердца… - стр. 7

Ийэтин сүүhүттэн сыллаан ылбыта уонна кууhан олорон: «Ийэм барахсаны аны хаhан да хомотуом суоҕа, кини туhугар үлэлиэм, олоруом, тугу барытын ситиhиэм!» – диэн бэйэтигэр андаҕайбыта.

Син инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан куораты булан, арыт олбуор иһин харбаан, арыт тутууга оробуочайдаан, кэлин суоппардаан, ону ааһан өссө кэтэхтэн үөрэнэн, тыа хаhаайыстыбатын объектарын тутууга тос курдук тойон буола үүммүтэ. Барыны бары сатыыра, барыны бары кыайара, ол эрээри кэргэннэнэр туhунан биирдэ да толкуйдаабатаҕа. Саар тэгил уҥуохтаах, куудара баттахтаах, ис киирбэх саха саарынын ымсыыра көрөөччү кэрэ аҥаар элбэх этэ да, киhилэрэ дьилэй эттээх, тоҥ сүрэхтээх буолан биэрбитэ. Куоракка олоруохтарын, ийэтэ тыа сирин ахтара бэрдиттэн, бу илин эҥээри булан үлэлээбитэ уонча сыл буолла. Үлэтин билэр, сөбүлүүр, сирдэрбэт. «Биhиги Кынаачайабыспыт» аҕай дэтэн сылдьар.

Урукку олоҕо түүл буолан умнуллубута, хаhан да ахтыллыбата. Уонна дьэ бу бүгүн, этиІ эппитин курдук, Уордаахаптар сыдьааннара кини боруогун атыллаатаҕа үһү!

– Араспанньаҥ тоҕо Уордаахап буолбатаҕый?

Эмискэ ыйытыыттан Дьулус соhуйан ходьох гынна.

– Ээ… Эн мин эhэбин билэҕин дуо?

– Билэр этим… Хаhан эрэ, эн сааскар сылдьан дуу, өссө эдэрим эбитэ дуу… Дьэ, хата хайаан Уордаахап сиэнин мин курдук киhийдэххэ көҥүллээн ыытта?

– Эhэбин мин билбэппин ээ. Өлбүтэ ыраатта, мин кыра эрдэхпинэ, өйдөөбөппүн. Эбэни эмиэ өйдөөбөппүн. Ийэм миигин кинилэргэ хаhан да илдьибэтэҕэ.

– Хантан тугу да өйдөөбөт киhи баар буола түстүҥ, ээ?! – Бүөтүр, бэйэтиттэн ыйытарын эбэтэр уолтан ыйытарын билбэккэ, саҥатын ыган таhаарда уонна сурукка умса түстэ.

«Күндү Петя! Бука баhаалыста баалаабаккар көрдөhөбүн! Олоҕум тиhэх мүнүүтэтигэр эн ааккын ааттаан, эйиэхэ эрэ эрэнэн бу Орто дойдуттан баран эрдэҕим… Петя, туох да диэ, баҕар үөх, баҕар кыраа… Мин сүрэхпэр таптал уотун сахпыт, ол уотунан угуттаан өр сылларга олох олорорго күүс-уох биэрбит – эн эрэ. Эйигин таптыырым күүhүнэн өссө да олох олоруом, оҕобун атаҕар туруоруом эбитэ буолуо да, Дьылҕа Хаан кытаанах: куhаҕан ыарыыга ылларан баран эрэбин. Ол иhин бу сурук суруйарга сананным. Өйдүүбүн, мин дьонум эhигини дьон аатыттан аhарбыттарын кэннэ эйигиттэн тугу да көрдөhөр кыаҕым да, быраабым да суоҕун… Ол эрээри итэҕэйэбин, эрэнэбин бу көрдөhүүбүн быhа гыныа суоҕа диэн. Бу сыллар тухары кимиэхэ да эппэккэ, соҕотох бэйэм биэбэйдээн улаатыннарбыт уолум – эн биhикки тапталбыт туоhута. Бу суругу тиксэрбит оҕо – ол эн уолуҥ! Дьахтар буолбут үрдүк ааппар биир оҕону таптыыр киhибиттэн төрөттөҕүм. Дьолум диэн ол буоллаҕа! Атаҕар турарыгар, киhи буоларыгар көмөлөс дуу, дурда-хахха буол! Үҥэн-сүктэн көрдөһөбүн. Турар бэйэтэ соҕотох хаалаахтаата. Анараа дьону кытта билиhиннэрбэтэҕим, кинилэр даҕаны аата-суола барбыт кыыстарын кытта ыксалаhыахтарын баҕарбатахтара. Аҕам өлөөтүн кытта уолаттар, иhэн-аhаан, муспут баайын-дуолун ый ыhыаҕа оҥорбуттара. Ийэм тулуhа сатаан баран, куоракка киирэн миэхэ олорсоору гынан иhэн, ыалдьарбын билэн, эмиэ икки атаҕынан куоппута. Оҕом барахсан ыарыылаан баччаҕа диэри кэллим. Дьүһүнүнэн да, майгытынан да эн курдук: кыраҕа үөрүнньэҥ, аhаҕас сүрэхтээх, көнө.

Страница 7