Таптыыбын… Шёпот сердца… - стр. 19
Вахтаҕа тиийбитэ: убайа ханан да көстүбэт. Арай улаханнык мичээрдээбит ханна эрэ көрбүт уола кинини супту одуулаан турар эбит. Кэннигэр икки доҕор атастаах. Уол мичээрдээбитин кубулуппакка вахтаҕа өйөнөн туран эрэ:
– Иванова Марина диэн эн дуо?
– Мин, – Маришка соһуйбуттуу хардарда.
– Манна олороҕун даа? – уол сытыытык ыйытар.
Маришка кэпсэтии бу курдук сытыы уонна быһыттаҕас буоларын куруук да сөбүлээбэт, биллэрдик соһуйда уонна өһүргэннэ:
– Тугуй, доппуруос дуо бу? – кыыс чыначчы тутунна.
Уолу халбарыччы анньан, аттыгар турар биир хара бараан табаарыһын кэтит тииһэ кэчигирээтэ:
– Бырастыы гын, Марина, Миичик ити кыбыстар дии. Ол иһин итинник саҥарар. Кини эйигин кытта ыкса билсиэн баҕарар.
Маришка бастаан утаа кыһыйан быһыта-орута саҥарталыан баҕарда, онтон этэ улам тымныйан, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн ылла.
– Эһиги эмиэ миигин бырастыы гыныҥ. Мин маннык дьону кытта билсээччим суох, – диэт, түҥнэри хайыста. Бу билсиһии маннык саҕаланыа суохтаах этэ диэн кини кулгааҕар ким эрэ сипсийэргэ дылы гынна. Тоҕо эрэ ити уолтан куттаныах, куотуох санаата киирдэ, тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буолла. Ыараабыт атахтарын нэһиилэ соһон, кирилиэһин аат эрэ харата биирдии үктэлин ааҕа дабайан, тыын быһаҕаһынан өрө тыына-тыына, хоһун диэки төттөрү дьулуста, сүрэҕэ тугу эрэ таайа сатаата да, таабырын уустук буолан биэрдэ.
Миичик вахтаҕа туран кыыс кинини кытта билсибэтэҕиттэн олус соһуйда, хом санаата, саҥата суох чочумча таалан турда. Билсиһии бу курдук хобдохтук түмүктэниэ эрэ диэн күүппэтэҕэ. Ама, кинини сирэр кыыс баар эбит дуу? Өссө хайдах эрэ куттаммыт, сиргэммит көрүҥнээх.
– Биир нуулга, Марина Иванова туһатыгар, – Коля, элэктиирдии турулус-эрилис көрө, Миичиги хаадьылаата.
– Санааҕытыгар ини. Син биир билсиэм. Көрөөрүҥ даҕаны, ити Марина миигин ытыы-ытыы эккирэтиэ. Ити бэйэтэ туормас эбит, – Миичик кыһыйбытын аһарынаары уолаттарын иккиэннэрин өттүккэ охсуталаата.
– Чэ, манна вахтаҕа хам сыстан туруохпут дуо, уопсайбытыгар барыахха, – Бүөккэ ыксал муҥутаан, туох да туһа тахсыбатын өйдөөн, тахсар аан диэки дьулуста.
Вахтаҕа олорор икки кыыс тоҕо эрэ кинилэр диэки үөннээхтик көрө-көрө мичээрдээһэллэр. Миичик уолаттарын кэнниттэн субу тахсыах курдук буолан иһэн, вахтаҕа төттөрү эргиллэн:
– Уой, кыргыттар, миэхэ баһаалыста көмөлөһүҥ эрэ. Биир эрэ ыйытыктаахпын, – дии-дии вахта иһин хойуу кыламаннарынан соруйан сапсына-сапсына одууласта.
– Тугуй? – суон, этиргэн кыыс хап-сабар утары ыйытта.
– Ити Марина Иванова доҕор уоллаах дуо? – Миичик куолаһын тупсарына-тупсарына үтүөмсүйэ соҕус сэрэнэн сураста.