Размер шрифта
-
+

Саамай күндү бэлэх - стр. 8

Шах, утатан өлөрүм буолуо диэн, дьэ куттаммыт. «Уута көрдөөҥ, уу булбут киһиэхэ төбөтүн оройугар диэри кыһыл көмүһү кутан биэриэм», – диэн дьоҥҥо биллэрбит. Ким да ууну кыайан булбатах, ити кистэлэҥин кырдьаҕас маастардар эрэ билэр буолуохтаахтар үһү. Оттон шах судаарыстыбатыгар биир да кырдьаҕас хаалбатах.

Үтүө киһи аҕатыгар кэлэн:

– Хайыыбыт? – диэбит. – Шаҕы аһыммаппын, дьону аһынабын, өлөллөрүгэр тиийдилэр.

– Бар, тоҕойуом, шахха «мин ууну булуом» диэ, – диэн аҕата сүбэлээбит.

– Ону хайдах булуохпунуй?! – диэн үтүө киһи соһуйбут.

– Мин үөрэтиэм эбээт, тоҕойуом.

Үтүө киһи аҕата сүбэлээбитин оҥорбут. Шахха тиийэн: «Ууну булуом этэ», – диэбит.

– Көрдөө, баҕараргын барытын биэриэм! – диэн шах үөрэ түспүт. – Оттон мин уута суох олорбутум үс хонно.

Үтүө киһи шах көньүүһүнэтиттэн саамай сүүрүк аты ылбыт да хонууга сүүрдэн киирбит. Көрбүтэ: биир чыычаах хайа диэки көтө турбут. Кини ол чыычааҕы батыһа сүүрдүбүт. Тыаллааҕар түргэнник сүүрдүбүт да, ата илистибэтэх, бүдүрүйэн да көрбөтөх.

Чыычааҕы кыайан ситиэ суоҕун үтүө киһи өйдөөбүт, ити кэмҥэ чыычааҕа били улахан тааска олоро түспүт. Үтүө киһи саһан хаалбыт, арай көрдөҕүнэ, чыычаахтар кэлэ-кэлэ ити тааска түһүтэлээбиттэр да тоҥсуйбутунан барбыттар.

Үтүө киһи шахха кэлэн эппит:

– Хайаттан үрүйэ сүүрдэр эбит, уута тымныы, дьэп-дьэҥкир. Ол гынан баран сири аннынан сүүрдэр, сир үрдүнэн сүүрдүөн, улахан таас мэһэйдиир. Ол тааһы халбарыттардахха, үрүйэ көбүс-көнөтүк куоракка сүүрдүүһү.

Үс күннээх түүн үлэлээн, үрүйэҕэ суол хорбуттар, уу хотоол устун сүүрдүбүтүгэр, шах үтүө киһини ыҥырбыт.

Бастаан шах үтүө киһиэхэ кыһыл көмүһү төбөтүн оройугар диэри кутарга быһаарбыт, онтон онтукатын уларытан: «Куулга кутан төһөнү сүгэн илдьэринэн биэриэххэ», – дии санаабыт, онтон бэргэһэтигэр эрэ кутан ыларыгар эппит. Ол да харчытын олус харыһыйбыт, онтон үтүө киһиэхэ кыһыл көмүстэн төһөнү ытыһан эрэ ыларыгар эппит.

– Эн кыһыл көмүһүҥ миэхэ наадата суох, – диэбит үтүө киһи.

Шах дьиибэргээбит. Кини кыһыл көмүскэ наадыйбат киһини аан бастаан көрбүт. Аны кини кыһыл көмүстээҕэр сыаналааҕы ылаары гынара буолаарай диэн куттаммыт.

– Оччоҕо туох нааданый? – диэн хаһыытаабыт.

Үтүө киһи аҕатын туһунан кэпсээбит уонна аҕата сүбэлээн ууну булбутун эппит.

– Аҕа баһылык, биһиги кырдьаҕастарбыт биһиги судаарыстыбабытыгар биһигини кытта бииргэ олороллоругар көҥүллээ, – диэн үтүө киһи көрдөспүт.

Акаары шах өйдүү сатаабыт, өйдүү сатаабыт, төһө өйдүү сатыыр да, соччонон иҥсэтэ эбиллэн испит. Кини үтүө киһи көрдөһүүтүгэр аккаастаары гынан эрдэҕинэ, хамначчыттара утуйар сиригэр толору уулаах үс купсууну киллэрэн иһэллэрин көрбүт. Шах тугун барытын умна охсубут, уу үрдүгэр түспүт. Бастаан кыһыл көмүс купсуунтан, онтон үрүҥ көмүс купсуунтан, онтон алтан купсуунтан испит. Ол курдук иһэ хайа барыар диэри испит.

Страница 8